Бонагий заамак (фр. Château de Bonaguil) — Заамак баар сирэ арҕаалыы-соҕурууҥҥу Франция Лот-э-Гарон диэн департамэныгар турар. Бонагий Франция орто үйэлэр замоктарыттан бүтэһик тутуллубут диэн бэлиэтэнэр о.э. тутуу саҥата XIII үйэҕэ саҕаламмыт ол кэннэ бүтэһик тутуллуута XV үйэннэн түмүктэнэр. Маннык замоктар былыр сэрииннэн саба түһүүттэн көмүскэнэн тутуллаллар эбит. Фюмель (Fumel) диэн ааттаах куорат мэрията бас билэр дьаһайар заамага. Икки өттүттэн үрдүк томтор сирдэр быыстарыгар турар, аттытынан үрүйэлэр ааһаллар. Хаҥас өттүттэн 7 килэмиэтирдээх тэйиччи Лот (Lot) өрүс устар, уҥа өттүгэр Гарон (Garonne) өрүс.

Заамакка чугаһаан кэллэххэ мастар быыстарыттан эмискэ маннык дьоһун көстүү көрсө түһэр.

Бонагий Франция историческай монумена диэн бэлиэлээх. Сайын элбэх турист сылдьар сирэ, араас культурнай киэһэлэр, көр-нар буолар сирэ. Алдьаныыта элбэх буолан кыһыҥҥы өттүгэр сабыллар, чөлгө түһэрии үлэтэ барар.

Быһаарыылар уларыт