Брутто ис оҥоhук (БИО) диэн дойду экономикатын ил барыhын кээмэйдэриттэн биирдэстэрэ. БИО үс ньыманан быhаарыллыан син, кинилэр бэйэлэрин ис дьиҥнэринэн майгыннаhаллар. Бастакы: ылыллыбыт кэм периодун (үксүн 365 күннээх сыл) устата оҥоhуллубут маллар уонна хааччыйыылар бүтүн энчирэтиилэрин тэҥнэбиллэрэ. Иккис: период устата дойду бары индустрияларын оҥорууларын хас биирди кэрдииhин эбиилигин бүтүннүүтүн тэҥнэбилэ, онно оҥоруу түһээннэрин эбии уонна субсидияларын көҕүрэтии. Үһүс: период устата дойду оҥоруута аҕалбыт барыhын бүтүннүүтүн тэҥнэбилэ.

Дойдулар 2008 БИО (номинал) per capita (IMF, алтынньы 2008)

БИО'гу кээмэйдииргэ уонна быhаарарга үксүн энчирэтии ньымата туттуллар:

БИО = туттуу + брутто инвестиция + дьаhалта энчирэтиитэ + (экспортимпорт), эбэтэр,
БИО = C + I + G + (X − M).