Дьарҕаа (лат. Thymallus arcticus, нууч. сибирский хариус) — таас үрэххэ, өрүскэ үөскүүр ойоҕосторунан туора хараҥатыҥы чуоҕурдаах (балаһалардаах) орто балык.

Саха сиригэр элбэх өрүстэргэ уонна күөллэргэ үөскүүр. Ыраас ууну сөбүлүүр. Сиэлээх дьарҕаа — бөдөҥ дьарҕаа[1].

Аһылыга уларыт

Уу үөннэрэ.

Быһаарыылар уларыт

  1. Булчут кинигэтэ. В.Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.24

Эбии маны көр уларыт