Дьүүллэбил диэн дьүүллүүр биилик хайдах дьайыахтааҕын туһунан өйдөбүл. Хас биирдии киһи тэҥнээхтик уонна кырдьыктабыллаахтык дьүүллэниэхтээх. Ким тугу гыммытын иһин онтукатыгар хоруйдуохтаах уонна онно сөптөөх дьайабылы ылыахтаах. Бу дьүүллэбил хайдах буолуохтааҕын муҥутуур (идеаллаах) баҕа санаата. Дьүүллэбил баар буоларын туһугар илгэ ылыллыбыт төрүн дьайыытынан дьүүллэр үлэлиллэр.

Юстиция диэн Былыргы Рим таҥарата дьүүллэбил сирэйдэниитэ буолар

Дьүүллэбил бастакы теорияларын Былыргы Греция философтара Платон уонна Аристотель суруйбуттара. Платон Ил диэн үлэтигэр, Аристотель Никомах этиката диэн үлэтигэр.

Орто үйэлэргэ дьүүллэбил Таҥара ыйааҕынан баар диэн санаа баһыйар этэ. 17 үйэҕэ Джон Локк дьүүллэбил айылҕа төрүнүттэн үөскүүр диэбитэ. Түмэт сөбүлэҥин теорията быһаарарынан, дьүүллэбил дьон бары бэйэ бэйэлэрин кытта сөбүлэһиилэриттэн үөскээбитэ. 19 үйэтээҕи утилитаризм философтара (биирдэстэрэ Джон Стюарт Милл) быһаарыыларынан, дьүүллэбил элбэх киһиэхэ барыстаах табыгастаах буолуу ирдэбилиттэн үөскээбитэ.