Дьөлөкөй күпсүүр - сиэргэ-туомҥа туттуллар тыас таһаарар былыргы тэрил. Көҥдөй сүүнэ улахан тиит төрдүн булан хатырыгын хастаан баран улахан аһаҕаһын үөһэ тутан баран дьыбарга маһынан таһыйаллар (охсоллор) эбит.

Дьөлөкөй күпсүүрү, Кэлтэгэй табыгы уонна Иирэр дьаҕааны кэриэстиир киһилэрэ өллөҕүнэ, эбэтэр кыыс-кийиит сүктүүтүгэр урууга маанылаан ойуун охсоро үһү. Маны Сэһэн Болоҕо 1936 сыллаахха Бөтүрүөп Уйбаан Уйбаанабыс диэн 68 саастаах Кыам уустан төрүттээх (эбэтэр Кыам Уус диэн ааттаах) Чурапчы киһитэ кэпсээбит, "Төлөй нэһилиэгин олохтооҕо Хабырыыс ойуун сэһэргиирэ", - диэбит[1].

Быһаарыылар уларыт

  1. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинэ саха олоҕо. Дь. Бичик, 1994