Кассиопея (сулустар бөлөхтөрө)

Кассиопея (лат. Cassiopeia) — Хотугу халлаан сулустарын бөлөҕө. Халлааҥҥа 598,4 квадрат кыраадыс иэннээх уонна 150 харахха көстөр сулустардаах, ол иһигэр 90 сулус 6m улахантан үрдүк. Улахан аҥаара Халлаан Сиигэр сытар.

Кассиопея

W-астеризм уларыт

Бөлөх быһыыта - харахха быраҕыллар — W-астеризм. ε (Сегин), δ (Рукбах), γ (Нави), α (Шедар) уонна β (Каф) сулустар киирэллэр.

Сулустар уларыт

 
Кассиопея W5 сулустар үөскүүр сирэ. Спитцер телескоп түһэриитэ
  • Кассиопея γ-та, эбэтэр Нави. Улахана 1,6m - 3m уларыйар.
  • Кассиопея ρ-та, супергигант, Күннээҕэр 40 төгүл ыарахан ыйааһыннаах уонна 500 000 төгүл чаҕылхай.
  • Кассиопеи ε-та, эбэтэр Сегин — икки хостоох сулус. Күнтэн 20 сырдык сыла ыраах.

Интириэһиргэтэр объектар уларыт

Устуоруйата уларыт

Былыргы бөлөх. Клавдий Птолемей «Альмагест» каталогар баар. гириэк номохторугар баар Кассиопея диэн эфиопия ыраахтааҕыта Кефей ойоҕо уонна Андромеда ийэтэ. Киһиргэс буолан Кассиопея олох маска баайыллан баран Хотугу Полюс тула эргийэргэ накаастаммыт.

Арабтар Кассиопея сорох сулустарын Үргэл илиилэрэ диэн ааттыыллара.

Сигэлэр уларыт