Корея сэриитэr(한국 전쟁) Кэриэйэ тумул арыытыгар ааспыт Хоту Кэриэйэ уонна Соҕуруу Кэриэйэ икки ардыгар буолбут сэрии. Сэрии 1950 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр саҕаламмыта уонна 1953 сыл от ыйын 27 күнүгэр тохтообута. Икки мөлүйүөнтэн тахса киһи өлбүтэ.

Икки өттүттэн бэйэ-бэйэлэрин сэриини саҕалаабыттарын буруйдууллар. Хоту өттө хоммунньуус Ким Ир Сен лидердаах, уонна Кытай уонна ССРС өйөөһүннээх этэ. Соҕуруу өттө Ли Сын Ман басханнаах уонна ООН дойдуларын улахан өттө өйөөһүннээх, ордук чуолаан АХШ. Сэрии быстах тохтотуунан бүппүтэ. Билигин даҕаны Хоту уонна Соҕуруу Кэриэйэлэр сэриилэһэ сылдьаллар, уонна АХШ бэйэтин сэрии дьоннорун Соҕуруу Кэриэйҕэ тутар. Хоту уонна Соҕуруу Кэрийэлэр 38 параллелынан арахса сылдьаллар.