Латыын алпабыыта — билигин элбэх тылларга туттуллар суруйуу ньымата. Грек алпабыытыттан төрүттээх, бастаан латыын тылын суруйарга туттуллара.

Хараҥа күөх: Латыын алпабыытын эрэ туттар дойдулар.
Сырдык күөх: Хас да алпабыыттаах дойдулар.

Алпабыыт буукубалара уларыт

Латыын тылын алпабыытын буукубалара уларыт

Былыргы Римҥа туттуллар латыын алпабыытыгар баар буукубалар:

Суруллуута A B C D E F G H I K L M N O P Q R S T V X Y Z
Буукуба аата: ā ē ef ī el em en ō er es ū ex ī Graeca zēta
Латыын аата (IPA): [aː] [beː] [keː] [deː] [eː] [ɛf] [geː] [haː] [iː] [kaː] [ɛl] [ɛm] [ɛn] [oː] [peː] [kuː] [ɛr] [ɛs] [teː] [uː] [ɛks] [iː 'graɪka] ['zeːta]

Билиҥҥи алпабыыт уларыт

Аныгы алпабыыт араас тылларга суруйуллуутугар туттуллар Европа тыллара бары кэриэтэ Латыын алпабыытын тутталлар, ол курдук ниэмэс тыла, английскай тыл, испания тыла уонна да атыттар. Сорох тыллар, ол курдук вьетнам тыла кэҥэтиллибит латыын алпабыытын тутталлар, диакритигы тоннары быһаарарһа тутталлар. Ол курдук маннык буукубалар бааллар:

Улахан буукубата A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z
Кыракый суруллуута a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z

Атын варианнар уларыт

 
Португалия тылыгар 'ç буукуба суруллуулаах знак'

Сорох тыллар, атын буукубалары тутталлар, ол курдук: á, é, í, ó, ẹ, ị, ọ, ụ, ã, ả, ẻ, ỉ, ỏ, ủ, ñ, č, ď, ě, í, ň, ř, š, ť, ú, ů, ž уонна đ. Ол курдук эсперанто, чех тыла, польша тыла, румыния тыла, вьетнам тыла уонна лгбо.

Араас элбэх тыллар суруллууларын Латыын алпабыытыгар көһөрбүттэрэ. Элбэх сирдэргэ кэлии Европаттан көспүт дьон уларыпыттара. ССРС арахсыытын кэнниттэн сорох Илин Европа дойдулара кириллица оннугар Латыын алпабыытын туттар буолбуттара.

Латыын алпабыыта саха тылын суруллуутугар уларыт

Семен Андреевич Новгородов киллэрбит саха тылын алпабыытыгар латыын алпабыыта туттуллубута. Ол туһунан сиһилии Новгородов сахалыы алпабыыта ыстатыйаҕа ааҕыахха сөп.