Лобанов Федор Матвеевич

Лобанов Федор (15.03.1930—9.04.2009) — саха аатырбыт ырыаһыта, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Саха комсомолун лауреата.

Олоҕун олуктара уларыт

1930 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр Саха АССР Амма оройуонун Покровка сэлиэнньэтигэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Амма толорута суох орто оскуолатыгар үөрэммитэ.
Араас үлэҕэ үлэлии сылдьыбыт.
1948—1958 сс. — ыалдьан, өр эмтэммит.
1958—1963 сс. — Римскай-Корсаков аатынан Ленин уордьаннаах Ленинградтааҕы консерваторияны, үөрэнэн, бүтэрбитэ.
1963 сылтан — Дьокуускайдааҕы Гостелерадио солиһа.

2009 сыллаахха муус устар 9 күнүгэр өлбүтэ.

Дьиэ кэргэнэ, аймахтара уларыт

Убайа — Лобанов Матвей Матвеевич, опера ырыаһыта, Саха АССР норуодунай артыыһа.

Айар үлэтэ уларыт

1953 сылаахха бастакы ырыатын «Наша партия» айбыта. Бу ырыаны Москваҕа буолбут Бүтүн Россиятааҕы тыа уус-уран самодеятельностарын көрүүгэ толорон. лауреат аатын ылбыта. 80-н тахса ырыа айыллыбыт, онтон 29 ырыа «Эн, комсомол — мин дьолум!» хомуурунньукка 1984 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыттара. «Эн, комсомол — мин дьолум!» ырыата, комсомол төрүттэммитэ 50 сааһыгар анаммыт, Саха Сирин комсомолун ырыаларын конкурсугар бастакы бириэмийэни ылыбта.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара уларыт

  • Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата (1976)
  • Саха АССР үтүөлээх артыыһа[1] (1980)
  • «За доблестный труд. В ознаменование 100-летия со дня рождения В.И. Ленина» мэтээл
  • Үлэ бэтэрээнэ

Өссө маны көр уларыт

Лобанов Матвей Матвеевич

Быһаарыылар уларыт

  1. О присвоении почетного звания «Заслуженный артист Якутской АССР»: Указ Президиума Верховного Совета ЯАССР // Соц. Якутия. — 1980. — 12 марта.

Кини туһунан уларыт

  • Бойлохов Н. Эдэр саас ырыаhыта // Коммунизм сардаҥата. — Үөhээ Бүлүү. — 1985. — Атырдьах ыйын 22 к.
  • Винокуров Н. Федор Матвеевич Лобанов // Хотугу сулус. — 1977. — № 4. — С. 33.
  • Дьяконов Н. Дьоллоох киhи ырыаhыт // Кыым. — 1965. — Алтынньы 10 к.
  • Егорова Ф. Ырыа алыба // Кыым. — 1978. — Ыам ыйын 1 к.
  • Кривошапко Г. Талаан тардыыта // Кыым. — 1980. — Кулун тутар 14 к.
  • Федор Лобанов // Никаноров В., Семенов А. Саха самодеятельнай композитордара уонна мелодистара. — Дьокуускай, 1993. — С. 18.
  • Алексеева Г. Песня Федора Лобанова // Соц. Якутия. — 1978. — 25 апр.
  • Лобанов Ф.М. // Никитин П. П. Мастера якутской сцены. — Якутск, 1985. — С. 156—157.
  • Новгородов Г. Ф .М. Лобанов // Верхоянский коммунист. — Батагай. — 1976. — 2 дек.
  • Они будут певцами // Соц. Якутия. — 1959. — 26 нояб.

Сигэлэр уларыт

Национальная библиотека Республики Саха (Якутия):70 лет со дня рождения Ф.М. Лобанова Архыыптаммыт 2016, Кулун тутар 5 күнүгэр.