Саар ыаҕас эбэтэр томторҕолоох ыаҕас — улахан, киэҥ истээх, элбэх үүтү-сүөгэйи, кымыһы хаһаанарга аналлаах олус сиэдэрэй тигиилээх ыаҕас көрүҥэ. 35—42 см тиийэ үрдүктээх, 30—45 см тиийэ кэтиттээх түгэхтээх буолар. Мүлтүгүр төбөлөөх бүргэһинэн сурааһыннаан ойуулууллар. Арыт хас да сиринэн өҥнөөх бөдөҥ оҕуруоннан эбэтэр таҥас кырадаһынынан үөһээ иитин салбыҕастыыллар. Эркинэ көнө, арыт түгэҕэ дэлбиһэх буолар[1].

Быһаарыылар уларыт

  1. Саха ойуута-бичигэ: альбом / Мандар Уус. Дьокуускай: Бичик, 2007. — 288 с.: ил. ISBN 978-5-7696-2696-8

Өссө маны көр уларыт