Хаарчаана (тэллэй)
Хаарчаана (лат. Russula delica, нууч. Подгруздок белый) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.
Сэбирдэхтээх эбэтэр инньэлээх ойуурдарга бөлөхтөрүнэн үүнэр. Түспүт сэбирдэхтэр анныларыгар баар буолар.
Оҥоһуутун ойуулааһын уларыт
Сэлээппэтэ: 8-15 см. Кураанах, чараас түүлээх, үрүҥ, сороҕор кытархай бээтинэлэрдээх.
Таҥалайдаах араҥата: Маҥан, эбэтэр халлаан күөхтүҥү маҥан.
Этэ: кытаанах, үрүҥ, уута суох. Үчүгэй сыттаах.
Туттуллуута уларыт
Тууһанар эрэ.