Эрдэҕэс кутуруга (тэллэй)

Эрдэҕэс кутуруга (лат. Lactarius necator, нууч. Груздь черный) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.

Хатыҥ эбэтэр хатыҥ булкаастаах ойуурдарга үүнэр. Сорохтор Саха сиригэр үүммэт дииллэр.

Оҥоһуутун ойуулааһын уларыт

Сэлээппэтэ: Көппөҕөр, онтон кэтит боруонка курдук, иэҕиллибит түүлээх иилээх. Сииктээх, салахайдаах, чээл күөхтүҥү эбэтэр хараҥа буурай, хара.
Таҥалайдаах араҥата: Кирдээх үрүҥ
Этэ: Үрүҥ, тоһуттаахха хараарар. Убаҕаһа үрүҥ, амтана аһыы.
Атаҕа: Модьу. Көҥдөй. Сэлээппэтин курдук өҥнөөх.

Туттуллуута уларыт

Хаачыстыбатынан үһүс категорияҕа киирэр тэллэй. Сэлээппэтин эрэ тууһууллар. Тууһаатахха кыһыл арыгы өҥнөнөр.