Өс номоҕо эбэтэр тыл номоҕо (нууч. поговорка) — өс хоһоонугар майгынныыр, ол гынан баран иитэр-такайар ис хоһооно суох, уйулҕа туругун эрэ көрдөрөр көнөтүк өйдөнөр суолталаах этии, фольклор дьоҕус айымньытын көрүҥэ, этиини киэргэтэр тыл ойуулуур ньымата.

Холобурдар уларыт

  • Yрүҥ күнэ өлбөөдүйдэ, үөhээ тыыммахтаата, өлөр күнүм кэллэ диэн өс номоҕун өhүллэ. (П. Ойуунускай)
  • Эн эппэтэҕиҥ — таҥара эппитэ буоллун
  • Үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тыл (иһилиннэ) — үчүгэйдик олохтоохтук этиллибит көрдөһүү туһунан
  • (кини) Өһө тэстэр суола — элбэхтик куолулуур, сөбүлүүр тиэмэтэ
  • Үгэх иччитэ эмиэ үгэлээх
  • Тыл уҥуоҕа суох
  • Бас-баттах тыллаһар
  • Дьыбардаахха саҥардыҥ
  • Хара харах көрбөтөх, хаптаҕай кулгаах истибэтэх

Эбии маны көр уларыт