«Варшаваны босхолооһун иһин» мэтээл

«Варшаваны босхолооһун иһин» мэтээл — бары «Босхолооһун иһин» (за освобождение) мэтээллэр курдук куораты (бу сырыыга Варшаваны) босхолуурга хорсун быһыыларын, сатабыллаах салайыылары уонна бойобуой эпэрээссийэлэри үчүгэйдик ыыппыт байыаннайдарга бэриллэрэ. «Босхолооһун иһин» мэтээллэр бэс ыйын 9 күнүгэр 1945 с. олохтоммуттара. Түөс хаҥас өттүгэр иилиллэллэр.

«Варшаваны босхолооһун иһин» мэтээл
«Варшаваны босхолооһун иһин» мэтээл лиэнтэтэ

Мэтээлинэн 701700 киһи наҕараадаламмыта[1].

Быһаарыылар уларыт

  1. Уордьаннар, мэтээллэр. Альберт Капрынов, Кыым, 2011, ыам ыйын 12 күнэ