Адьырҕа (ааҥл. Predator, нууч. Хищник) диэн 1987 сыл бэс ыйын 12-гэр тахсыбыт эмэрикээн билимнээх ыра, охсуһуулаах, абааһылаах киинэ. Бу киинэни Дьон Мактыырдан устубут, Дьим Туомас уонна Дьон Туомас ини-биилэр суруйбуттар. Сүрүн оруолу Ардалт Бэрсэнэгэр толорбут.

Кэлин Адьырҕа 2 (1990), Таһырах адьырҕаны утары (2004), Таһырахтар адьырҕаны утары: Кутурҕан (2007), Адьырҕалар (2010), Адьырҕа (2018) диэн салгыыр киинэлэр тахсыбыттара.