«Аляска-Сибиир» тыраасса

(Мантан: АлСиб көстө)

«Аляска-Сибиир» тыраасса — Иккис Аан дойду сэриитин кэмигэр лендлиз бырагырааматынан сөмүлүөттэри АХШ территориятыттан ССРС-ка сэрии буола турар сирдэригэр аҕалар салгын тыраассата.

Бу тыраасса баарын тухары — 1942 сыл алтынньытыттан 1945 сыл алтынньытыгар диэри — 128 371 пассажир, онтон 17 322 төлөбүрдээх, 18 753 тонна куруус, ол иһигэр 9125 т төлөбүрдээх уонна 319 тонна почта таһыллыбыта[1].

ССРС-ка сөмүлүөттэри көтүтэн уонна тиэйэн аҕалыы[2][быһ. 1]:
1941-42[быһ. 2] 1943 1944 1945 итого
Байҕалынан Мурманскай уонна Архангельскай нөҥүө 2532 804 766 688 4790
Салгынан Ираан нөҥүө 682 3016 1930 14 5642
Аляска нөҥүө 108 2486 3190 2047 7831

Быһаарыылар уларыт

  1. Сорох сөмүлүөттэр атын суолунан аҕалыллыбыттара
  2. 1941 сыллаахха ССРС барыта 740 сөмүлүөтү туппута, оттон 1942 сыллаахха — 2604

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ уларыт

  1. Ярославцев В. А. Небо без границ. — Красноярск. — С. Глава: Трасса оставила след.
  2. Советская авиация в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг. в цифрах. — М.: Главный штаб Военно-воздушных сил, 1962.