Хоро нэһилиэгэ (Үөһээ Бүлүү улууһа): Барыллар ыккардыларынааҕы ураты
Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
18 устуруока:
== Устуоруйата ==
Үөһээ Бүлүүттэн [[Марха улууһа]] хайдан барбытын кэннэ ([[1824]] с.) Үөһээ Бүлүү сирэ аччаан биэс эрэ буолас (нэһилиэк) хаалбыта. Онтон 8-9 сыл буолан баран 1835 сыл саҕаланыытыгар уон буолас буола охсор: Мэйик, Нам, Боотулуу, икки Үөдүгэй, икки Хоро, Чочу, Өргүөт уонна Халбаакы. 1839 с. икки Хоро нэһилиэгэ холбоһон биир буолбуттара. 1911-12 сылларга Бүлүү өрүс хаҥас өттүнээҕи нэһилиэктэрэ [[Арҕаа Бүлүү улууһа|Арҕаа Бүлүү]] (сороҕор Үөдүгэй) улууһа буола сылдьыбыттара. Ол улуус киинэ [[Далыр]] этэ. Бу кэмҥэ I уонна II Хоро нэһилиэктэрэ эмиэ туспа сурулла сылдьаллар<ref>Үөһээ Бүлүү. Бүгүн, бэҕэһээ, сарсын. 2001. Дьокуускай, Кудук. ISBN 5-7863-0162-1</ref>.
== Үөрэҕирии ==
Нэһилиэк бастакы оскуолатын Георгий Чиряев бэйэтин сэттэ хостоох саҥа дьиэтин биэрэн туран астарбыта. Оскуола Тыымпы диэн I Хоро нэһилиэгин киинигэр (Дүллүкүлүүр суолунан бардахха билиҥҥи бөһүөлэктэн 8 км сиргэ баар сир) 1919 сыллаахха алтынньыга аһыллыбыта. Бастакы учууталынан Чиряев Бодойботтон аҕалбыт киһитэ Тимофей Павлович Алфер үлэлээбитэ.
2010 сыллаахха саҥа таас оскуола тутуллан үлэҕэ киирбитэ. 2012-2013 үөрэх дьылыгар Хоро орто оскуолата 322 оҕолоох, 89 үлэһиттээх. Үлэһиттэрин 76% оскуола бэйтин выпускниктара.
Хороҕо атын нэһилиэктэртэн кэлэн үөрэнэр оҕолор интэринээккэ олороллор. Интэринээт 13 үлэһиттээх, 2012-13 үөрэх сылыгар 53 оҕо олорор.
== Ылыллыбыт сирэ ==
|