Дьаһаах: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Cekli829 (ырытыы | суруйуу)
Тайыл кыттааччы (ырытыы | вклад) 300444 нүөмэрдээх уларытыытын сотон оннугар түһэрэргэ.
Cekli829 (ырытыы | суруйуу)
Тайыл кыттааччы (ырытыы | вклад) 300442 нүөмэрдээх уларытыытын сотон оннугар түһэрэргэ.
 
9 устуруока:
 
Дьаһаах хомуйааччылар уоралларын тохтоппотохторо. Инньэ гынан 1763 с. бырабыыталыстыба дьаһаах хомуйуутун бэрээдэктиир инниттэн Сибииргэ секунд-майор сыбаанньалаах Щербачев диэн киһини командировкалаабыта. Щербачев миэстэтигэр олохтообут хамыыһыйалара, чинчийэн, үөрэтэн баран, саҥа дьаһаах түһээнин оҥорбуттара. Мантан инньэ биис уустара кинилэргэ ыйыллыбыт (анаммыт) эрэ күндү түүлээҕинэн дьаһаах төлүүллэригэр. Сатаан бултамматах кэмигэр атын түүлээҕнэн эбэтэр харчынан төлүүллэрэ көҥүллэммитэ.
ХIХ-с үйэ саҕаланыытыгар дьаһаах төлөөһүнүн төлөбүрэ уларыйбыта, тоҕо диэтэххэ уустар ахсааннара элбээбитэ, олохторо да байылыат буолбута. 1827 с. тэриллибит хамыыһыйалар 1822 ылыллыбыт устаапка олоҕуран олохтоох норуоттары: олохтоох омуктар, көс омуктар уонна бэйдиэ сылдьар омуктар диэннэргэ араартаабытара уонна көс, бэйдиэ сылдьар омуктарга 1763 с. олохтоммут дьаһааҕы оннунан хаалларбыттара, 44-кэппиэйкэлээх түһээни эрэ соппуттара, олохтоох омуктарга баайдарыттан, дьадьаҥыларыттан көрөн дьаһаах төлөбүрүн олохтообуттара. Бу олохтоммут дьаһаах төлөбүрэ олох хойукка дылы уларыйбатаҕа. https://ru.wikipedia.org/wiki/%DF%F1%E0%EA
--[[Кыттааччы:Тайыл|Тайыл]] ([[Кыттааччы ырытыыта:Тайыл|ырытыы]]) 04:07, 29 Ахсынньы 2013 (UTC)