Эт-сиин уонна өй-санаа: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
'ЭТ - СИИН уонна ӨЙ – САНАА Былыргы кэмҥэ сахалар улахан күүстээх хом…' ыйааһыннаах саҥа сирэй оҥоһулунна
 
Көннөрүү туһунан суруллубатах
45 устуруока:
Киһи сааһыран, кырдьа баран истэҕинэ этин-сиинин аһыырга-сииргэ баҕатын кыайар кыаҕа улаатар. Бу кэмҥэ эт-сиин үүнэн, улаатан биэрэрэ суох буолан, аһылыкка быһаччы көрдөбүлэ аҕыйаан биэрэринэн киһи өйө-санаата кыайар кыаҕа улаатан биэрэр. Онуоха эбии киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата, билиитэ ордук ди¬риҥээн, чиҥээн, бөҕөргөөн биэриитэ аһылыктан туттунууга кыайыыны ситиһэригэр тириэрдиэн сөп.
Онон, киһи олоҕун биир сыалынан этин-сиинин быстах, аһыырга-сииргэ баҕа санаатын, өйүн-санаатын сайыннаран, күүһүрдэн, баһыйа тутан салайан киһилии майгыга, киһилии быһыыга үөрэтэн биэрэри ситиһиэхтээх. Ол аата аһара аһаабаты ситиһии өй-санаа сайдыбытын, киһи буолууну ситиспитин бэлиэтэ буолар.
1. Поль С.Брэгг. Формула совершенства. Санкт-Петербург: ТОО «Лейла», 1993. - 384 с.
Автор Каженкин Иван Иванович.