Хатан (сурунаал): Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Көннөрүү туһунан суруллубатах
Көннөрүү туһунан суруллубатах
2 устуруока:
 
== Сурунаал айыллыбыт устуоруйата ==
2008 с. ыам ыйыгар тэриллибитэ. Аан бастаан тахсарыгар үлэлэспиттэрэ: философия дуоктара [[Уткин Ксенофонт Дмитриевич|К.Д. Уткин]], тюрколог [[Васильев Николай Иванович|Н.И. Васильев]], [[Ситим (медиа-бөлөх)|"Ситим"]] медиа-бөлөх генеральнай дириэктэрэ М.Н. Христофорова уо.д.а. Бастаан уолаттарга аналлаах түүр, саха омук устуоруйата, култуурата диэн хайысхалааҕа. Онтон саҥа үйэ, ырыынак ирдэбилинэн, киэҥ араҥаны хабыахтаах диэн соруктан орто уонна улахан кылаас оҕолоругар аналлаах оҕо аймах сурунаала диэн буолбута.
 
Аан бастакы сүрүн эрэдээктэрээрэдээктэр - Петр Прокопьевич Иванов.
 
2010 сыл алтынньы ыйыттан - Егор Револьевич Николаев (эрэдээксийэ биир эрэ үлэһиттээх). Көмпүүтэргэ таҥааччы - "Спорт Якутии" хаһыат таҥааччыта Семен Семенович Павлов.
2010 сылтан - Егор Николаев.
 
64 сирэйдээх. Арассыыйа биэс төгүл "Саамай элбэх тиражтаах төрөөбүт тылынан тахсар оҕолорго аналлаах сурунаал" диэн ааты, бириэмийэни ылбыта. 2015 сыл түмүгүнэн "Лидер продаж" диэн Арассыыйа таһымнаах бириэмийэни ылбыта.
 
Литература сылыгар анаммыт күрэскэ Саха сиригэр тахсар бэчээт СМИ-тин кэккэтиттэн 1 миэстэни ылбыта.
 
Кыайыы70 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэ күрэһигэр 3-с миэстэни ылан турар.
 
Сурунаал сүрүн идиэйэтэ - саха оҕото сахалыы сурунаалы ааҕарын хааччыйыы.
 
Сурунаал Вконтакте уонна Фейсбукка бөлөхтөөх.
 
== Быһаарыылар ==