Алтаай уонна Саян хайалаах систиэмэлэрэ: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Soppuruon (ырытыы | суруйуу)
''''Алтаай уонна Саян хайалаах систиэмэлэригэр''' арҕаанан Сибиир бүтүнн…' ыйааһыннаах саҥа сирэй оҥоһулунна
(уратыта суох)

08:15, 3 Сэтинньи 2016 барыл

Алтаай уонна Саян хайалаах систиэмэлэригэр арҕаанан Сибиир бүтүннүүтүн саамай үрдүк хайата Алтай баар. Киин Алтаайга 4356 м үрдүк точкалаах Табын-Богдо-Ола диэн хайа үрдээн турар. Ити бөдөҥ түмүк хайаттан Алтаай сис хайалара тараах курдук тарҕаналлар уонна сыыйа намтыыллар: арҕаа диэки - Соҕуруу Алтаай, хоту диэки - Илин Алтаай. Хайалар ити субурҕалара көнө муннугу үөскэтэллэр, ол муннук өрүттэрин икки ардыларынан Киин Алтаай баар. Хайа түмүгүттэн илин диэки сис хайалар Монголия сиригэр-уотугар киирэллэр. Киин Алтаайга 4000 м ордук үрдүк чыпчааллар бааллар. Олор төбөлөрө уһулуттаҕастар, эниэлэрэ хаарынан, мууһунан бүрүллүбүттэр; оннук чыпчааллары белкилэр диэн ааттыыллар. Катунь белкилэрин сис хайатыгар Алтаай, Сибиир саамай үрдүк точката Белуха хайа (4506 м) баар.

Билэ:Саян хайалара.jpg
Саян хайалара

Алтаай хотугу кытыытынан икки үрдүгэ суох чыпчааллар бааллар: Салаир кряһа, Кузнецкай Алатау бааллар. Ити хайалар таас чохтоох аатырбыт Кузбасс баар Кузнецкай хотоолунан араарыллан сыталлар. Кузнецкай Алатауттан илин 2000 м диэри үрдүктээх Арҕаа уонна Илин Саяннар хайалара бааллар. Саяннар саамай точкалара Мунку-Сардык хайа (3491 м) Илин Саҥҥа турар. Сайыны быһа ирбэккэ турар хаардаахтарын иһин үрүҥ хайалар диэн ааттанааччы хаптаҕай үрүттээх хайалар Саяннар ураты бэлиэлэрэ буолар. Кузнецкай Алатау, Арҕаа уонна уонна Илин Саяннар Минусинскай хотоолу төгүрүйэллэр. Манна Енисей биэрэгэр Абакан куорат турар. Минусинскай хотоол хоту Арҕаа Сибиир дэхси сирин кытта холбоһор. Саяннартан соҕуруу диэки сис хайалар орто үрдүктээх хайалар буола намтыыллар, олор икки ардыларынан хотооллор сыталлар: саамай улаханнара Тува хотооло. Онно Кызыл куорат турар.