Хапхаас хайалара: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Soppuruon (ырытыы | суруйуу)
''''Хапхаас хайалара''' - (абх. Кавказаа ашьхақәа, авар. Кавказалъул мугIру…' ыйааһыннаах саҥа сирэй оҥоһулунна
(уратыта суох)

07:58, 4 Сэтинньи 2016 барыл

Хапхаас хайалара - (абх. Кавказаа ашьхақәа, авар. Кавказалъул мугIрул, адыг. Къаукъаз къурш, азерб. Qafqaz dağları, арм. Կովկասյան լեռնաշղթա, груз. კავკასიონი, дарг. Кавказла дубурти, ингуш. Кавказан лоамаш, кабард.-черк. Къаукъаз къурш, карач.-балк. Къапкъаз таўла, лезг. Къавкъаз, осет. Кавказы хæхтæ, рут. Кавказад банбыр, чеч. Кавказан лаьмнаш) — Илин Европа дэхси сирин соҕуруу өттүнэн иилиир эдэр хайалартан барыларыттан саамай сүдүлэрэ. Хапхаас хайалара Хара, Каспийскай муоралар икки ардыларынан бааллар. Хайалар хоту Кума-Маныч хотоолугар тиийэн бүтэллэр. Хапхаас территориятын улахан өттун үрдүк эдэр хайалар , кыра өттүн намталлар ылаллар. Хапхаас хайаларын икки улахан хайа систиэмэтигэр араараллар: Улахан Хапхаас уонна Аччыгый Хапхаас.

Улахан Хапхаас

Улахан Хапхаас хайалаах систиэмэтэ Хара, Каспийскай муоралар икки ардыларынан сытар. Тамань тумул-арыыттан Апшерон тумул-арыытыгар диэри хотугулуу-арҕааттан соҕуруулуу-илин субуллар. Бэйэ-бэйэлэриттэн хочолорунан араарыллыбыт хас да сис хайалардаах. Сүрүн сис хайа Кылаабынай биитэр Ууну араарар дьирбии сис хайа диэн ааттанар. Хоту диэки, ону кытта кэккэлэһэ, арыый кылгас эрээри үрдүк хас да сис хайа баар. Онтон саамай үрдүктэрэ - 5000 м ордук чыпчааллардаах Ойоҕос хайа уонна Скалистай хайа (3500 м кыра үрдүк). Кылаабынай сис хайаттан арҕаа, соҕуруу, илин хайысханан атын элбэх улахана суох, балачча үрдүк сис хайалар бараллар. Айылҕатын усулуобуйатынан Улахан Хапхаас үс бөдөҥ чааска: Арҕаа, Киин, Илин Хапхааска араарыллар. Киин Хапхаас - бу хаарынан, леднигинэн бүрүллүбүт уһулуттаҕас чыпчааллардаах хайалар модун систиэмэлэрэ буолар. Манна Хапхаас хайаларын саамай үрдүк чыпчааллара - Эльбрус (үрдүгэ 5642 м), Казбек (үрдүгэ 5033 м), 5000 м кэриҥэ үрдүктээх атын үгүс чыпчааллар бааллар. Эльбрус уонна Казбек Киин Хапхаас быыһынан ааҕыллаллар. Эльбрустан арҕаа диэки Арҕаа Хапхаас, Казбектан илин диэки Илин Хапхаас бараллар.