Өй-санаа: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты
Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Көннөрүү туһунан суруллубатах |
Көннөрүү туһунан суруллубатах |
||
1 устуруока:
'''Өй-санаа''' диэн киһи үйэтин тухары ылынар үөрэхтэрэ, үгэстэрэ, үөрүйэхтэрэ ааттаналлар.
Аныгы олоххо кыра оҕо иитиитигэр кыһаммат буола сылдьабыт. Ол барыта сэбиэскэй былаас кэмигэр “Киһи барыта тэҥ” диэн этиини аһара ыытан, оҕо төрөөтөр эрэ “киһи буолар” курдук өйдөбүлү иҥэриилэриттэн уонна элбэх сыыһалардаах, сэбиэскэй кэмнээҕи өйү-санааны салҕаан иһээччилэр, «айыы үөрэҕин» айааччылар оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэрин курдук таһы-быһа сымыйанан этиилэрин итэҕэйииттэн буолла.
Өй-санаа тутулуктарын түүл үөрэҕин көмөтүнэн үөрэтии оҕо ийэ кута сайдар кэмин чуолкайдык быһаарар кыахтанна.
Киһи эттээх-сииннээх Орто дойдуга эрэ сылдьар кыахтаах буоллаҕына, эттэн-сиинтэн эньиэргийэ ылан сайдар өй-санаа көҥүл-босхо баран, Үөһээ дойдуга тахсар санаата, сайдан, күүһүрэн истэҕинэ эбиллэн иһэр. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара эттэриттэн-сииннэриттэн арахсан, Үөһээ дойдуга айыы, үөр буолан бараллара кырдьык.
Өйү-санааны көҥүл-босхо ыытыы, өй көтүүтүгэр, киһи өлүүтүгэр тириэрдиэн сөп.
Өй-санаа киһи үс куттарын үөскэтэр. Бу куттар эти-сиини хамсатар, көрөр-истэр аналлаахтар.
Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ үөскүүр ийэ кута уһун үйэтин тухары туттунар быһыытын барытын хонтуруоллуу сылдьарын
Оҕо өйө-санаата сайдан барыытыгар, кыра эрдэҕинэ эһэ уонна эбэ олус улахан сабыдыалы оҥороллоро эрэйиллэр. Kинилэр уһун олохторугар олох уоппутун элбэҕи мунньуммут дьон, оҕо үтүө үгэстэргэ иитиллиитигэр, үөрэниитигэр олук ууран
Эт-сиин биир эрэ үйэ устата олорор эбит буоллаҕына, өй-санаа, буор кут сайдыыта хас да, элбэх көлүөнэ дьон олохторун усталарыгар сайдан баран иһэр. Сахалар олохторун үөрэҕэ
Kиһи олоҕун устата өйө-санаата, тугу билбитэ үгэс буолан этин-сиинин үөрүйэх оҥорон, буор кукка кубулуйан ууруллан, мунньуллан иһэллэр. Буор кукка, үөрүйэххэ кубулуйбут өй-санаа кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтанарын уонна салгыы сайдарын саха дьоно барылара билэллэр.
Kиһи өйүн-санаатын күүһүнэн этин-сиинин эрчийэн, дьарыктаан, үчүгэй үгэстэргэ, үөрүйэхтэргэ үөрэтэн сайдыыны, тупсууну ситиһэр, баҕа санаата туолан, дьолу билэр кыахтанар. Бу сайдыы эккэ-сииҥҥэ дьайыытыттан эт-сиин сайдар, күүһүрэр, араас уустук хамсаныылары оҥорор кыаҕа улаатар. Үчүгэй үгэстэр киһи этигэр-сиинигэр үөрүйэҕи үөскэтэн буор кут буолан олохсуйдахтарына эрэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр кыахтаналлар.
25 устуруока:
Сахалар былыр үйэҕэ быһааран ыт өйүн биэстээх оҕо өйүгэр, сылгыны – түөртээх, онтон ынаҕы үстээх оҕо өйүгэр тэҥнииллэр.
Итирэн дуу, хайаан дуу өйө, салгын кута көппүт киһи ийэ кутун салайыытыгар киирэр.
Өйү-санааны эрчийии, дьарыктааһын, билиини хаҥатыныы - өй-санаа олоххо ситиһэр ситиһиитэ буолар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн иитиини, үөрэтиини сүөһүттэн киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы диэн ааттааһын олус таба
Өй-санаа Үөһээ дойдуттан тутулугун түүллэри үөрэтии дакаастыыр. Түүлгэ ыалдьан өлбүт киһи “Ыарыым мэһэйдээбэт буолла” диэн этэрэ этэ-сиинэ суох буолан ыарыы диэни билбэтин бэлиэтиир.
Kиһи өлүүтэ уонна дьылҕа кистэлэҥнэрэ өссө да кыайан быһаарылла иликтэр. «Уһун үйэлээх», «Kылгас үйэлээх» – диэн этиилэр киһи олоҕун уһунун быһаараллар. «Быстах өлүүгэ түбэһэр дьылҕалаах» диэн этии баара киһи олоҕо атын хантан эрэ тутулуктааҕын эмиэ билинэр курдук.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи олоҕун уһуна эмиэ икки өттүттэн тутулуктаах:
|