Хапхаас хайалара: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Soppuruon (ырытыы | суруйуу)
''''Хапхаас хайалара''' - (абх. Кавказаа ашьхақәа, авар. Кавказалъул мугIру…' ыйааһыннаах саҥа сирэй оҥоһулунна
 
Көннөрүү туһунан суруллубатах
 
4 устуруока:
 
Улахан Хапхаас хайалаах систиэмэтэ Хара, Каспийскай муоралар икки ардыларынан сытар. [[Тамань тумул-арыы|Тамань тумул-арыыттан]] [[Апшерон тумул-арыы|Апшерон тумул-арыытыгар]] диэри хотугулуу-арҕааттан соҕуруулуу-илин субуллар. Бэйэ-бэйэлэриттэн хочолорунан араарыллыбыт хас да сис хайалардаах. Сүрүн сис хайа Кылаабынай биитэр Ууну араарар дьирбии сис хайа диэн ааттанар. Хоту диэки, ону кытта кэккэлэһэ, арыый кылгас эрээри үрдүк хас да сис хайа баар. Онтон саамай үрдүктэрэ - 5000 м ордук чыпчааллардаах Ойоҕос хайа уонна Скалистай хайа (3500 м кыра үрдүк). Кылаабынай сис хайаттан арҕаа, соҕуруу, илин хайысханан атын элбэх улахана суох, балачча үрдүк сис хайалар бараллар. Айылҕатын усулуобуйатынан Улахан Хапхаас үс бөдөҥ чааска: [[Арҕаа Хапхаас|Арҕаа]], [[Киин Хапхаас|Киин]], [[Илин Хапхаас|Илин Хапхааска]] араарыллар. Киин Хапхаас - бу хаарынан, леднигинэн бүрүллүбүт уһулуттаҕас чыпчааллардаах хайалар модун систиэмэлэрэ буолар. Манна Хапхаас хайаларын саамай үрдүк чыпчааллара - [[Эльбрус]] (үрдүгэ 5642 м), [[Казбек]] (үрдүгэ 5033 м), 5000 м кэриҥэ үрдүктээх атын үгүс чыпчааллар бааллар. Эльбрус уонна Казбек Киин Хапхаас быыһынан ааҕыллаллар. Эльбрустан арҕаа диэки Арҕаа Хапхаас, Казбектан илин диэки Илин Хапхаас бараллар.
 
[[Категория:Азия географията]]
[[Категория:Европа географията]]
[[Категория:Хайалар]]