Дональд Джон Трамп: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Көннөрүү туһунан суруллубатах
11 устуруока:
[[2015]], [[тохсунньу 25]], АХШ Республикатааҕы партия мунньаҕар бэрисидиэн быыбарыгар кыттыан баҕарарын иһитиннэрбит<ref>[http://news.finance.ua/ru/news/-/343250/milliarder-donald-tramp-nameren-poborotsya-za-post-prezidenta-ssha Миллиардер Дональд Трамп намерен побороться за пост президента США]</ref>. [[Бэс ыйын 16]] «Трамп тауэр» диэн ыстааб-квартиратыгар официальнайдык бэрэсидиэн быыбарыгар турарын туһунан эппит<ref>https://lenta.ru/news/2015/06/16/another_one/ Дональд Трамп поборется за пост президента США</ref>. Бэрэсидиэн быыбарыгар партия биллэр политиктарын Марк Рубионы, Джеб Буһу уонна Скотт Уокеры хоппут. [[2015]], [[Сэтинньи 10]] Сиирийэҕэ Арассыйа исламистар утары охсуһуутун өйөөбүт<ref>[http://www.vox.com/2015/11/10/9710334/trump-putin-isis Трамп Путины өйүүр]</ref>. Быыбар кэмигэр мусулмааннар утары хаста даҕаны тыл этэн турардаах уонна ол этиилэри программатыгар киллэрбит.
От ыйын 14, Трамп АХШ вице-бэрэсидиэнинэн [[Индиана]] штат аҕа баһылыга Майкл Пенс буолар диэбит. От ыйын 18-21 чыыһылалырыгар, АХШ Республикатааҕы партия сийиэһигэр Дональд Трамп партия аатыттан официальнай хандьыдаатынан бигэргэммит. [[Сэтинньи 8]] АХШ баһылыгар быыбар буолан ааспыт уонна ол түмүгүнэн [[сэтинньи 9]] быыбардааччылар коллегияларын кыайыыга анлаар 270 куолаһы ылан демократ [[Хиллари Клинтон]]ы быыбарга кыайан АХШ 45-с баһылыга буолбут<ref>[https://news.mail.ru/politics/27724441/?frommail=1 Эмиэрикэ талла]</ref>. [[Сэтинньи 19]], официальнай бүтэһик түмүк оҥоһуллубут, онно Дональд Трамп 304 быыбардааччы куолаһын ылбыт<ref>http://uselectionatlas.org/RESULTS/index.html АХШ баһылыгар быыбар түмүгэ</ref>.
 
Быыбар кэнниттэн «Forbes» сурунаал сабыдыаллаах дьоннор тиһиктэригэр Трампы иккис миэстэҕэ туруорбут<ref>[http://www.forbes.com/powerful-people/list/#tab:overall The World’s Most Powerful People]</ref>. «Time» сурунаал кинини «Сыл киһитэ» диэн ааттаабыт<ref>[http://time.com/time-person-of-the-year-2016-donald-trump/?iid=buttonrecirc Person Of The 2016 Year Donald Trump]</ref>.
 
2017, тохсунньу 20, Дональд Трамп инаугурацията буолан ааспыт.
 
== АХШ 45-с аҕа баһылыга ==