Албыннаама: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Xaahax (ырытыы | суруйуу)
Көннөрүү
Xaahax (ырытыы | суруйуу)
Тупсарыы
19 устуруока:
Бу ууга түһэ оонньоон дьону албыннаабыт оҕо туһунан Суорун Омоллоон суруйбут кэпсээнэ олус туһалаах. Ыраах харбаан тиийэн баран «Быыһааҥ! Тимирэн эрэбин!» диэн хаһыытаан дьону куттаан баран «Оонньоотум» диэбит уол дьэ дьиҥнээхтик тимирээри гынан хаһыытаан дьону ыҥыра сатаабытыгар ким да кэлэн быыһаабакка тимирэн хаалбыта сымыйалаабат, албыннаабат буолууга олох кытаанах үөрэҕэ буолар.
 
«Дьону албынныыр - куһаҕан айыы буолар. Кэлин бэйэҕэр тиийиэҕэ» дииллэр сахалар. Бу кыра кэпсээн төһө да кылгаһын иһин албыннааһын киһиэхэ уонна атын дьоҥҥо хайдах дьайарын, өйгө-санааҕа туох уларыйыыны киллэрэрин дириҥник быһаарар.
 
Албыннааһын төһө суолталаах дьайыыны оҥороруттан көрөн кыра, суолтата суох уонна киһи олоҕор уларытыыны киллэрэр буоллаҕына, улахан диэннэргэ арахсар.
 
39 устуруока ⟶ 40:
 
"Айыы үөрэҕин" айааччылар өй-санаа үөрэҕин билбэт эрээри билэр курдук этинэн, урутаан түһэн таҥаралаах, итэҕэллээх буолуохтарын баҕарар, итэҕэйэ сатыыр саха дьонун барыларын албынныы сылдьаллара сыыйа-баайа арыллан, айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ элбэҕэ арыллан иһэр. Бу сыыһа үөрэх дьайыытыттан элбэх эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолан үгүс сыыһа-халты быһыылары оҥороннор эрэйгэ тэбиллэллэр, хаайыыга киирэллэрин тэҥэ, сорохтор бэйэлэригэр тиийинэллэр.
 
Төрөппүттэр оҕолорун, баар-суох эрэллэрин, туйах хатарааччыларын "айыы үчүгэй", олору элбэхтик оҥор диэн аһара барар өйгө-санааҕа үөрэтэннэр, сыыһа-халты туттунууга, быстах быһыыга үтүрүйэллэр.
 
50 устуруока ⟶ 52:
 
Кыратык биллибэт гына киһини харыстаан сымыйалааһын, буолбут быһыыны кистээһин биир эмэ түбэлтэҕэ туһалаах буолан хааларын аахсыбатахха, хаһан да сымыйалаабат, албыннаабат буол диэн үөрэх киһи буолуу сүрүн төрүтэ буолар. Атыы-эргиэн сайдыытыгар, үлэ хамнас тупсуутугар хаһан да албыннаабат буолуу, эппит тылы толоруу улахан оруолу ылара эбиллэн иһэр.
 
Кими эрэ кыратык албыннаан, сыыһа туттаран баран «Оонньоон этэбин» диэн аһарыныахха, куотунуохха сөп буоллаҕына, улахан, туох эмэ содуллаах албыннааһын кэнниттэн хомолто, өс-саас үөскүүр.