Куһаҕан быһыы уонна айыы: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Xaahax (ырытыы | суруйуу)
Тупсарыы
Xaahax (ырытыы | суруйуу)
Тупсарыы
1 устуруока:
'''Куһаҕан быһыы уонна айыы''' өйгө-санааҕа биир төрүттээхтэр.
 
Сахалыы “быс” диэн хамсааһыны оҥорууга соруйар тылга “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ “быһыы” диэн субу оҥоруллубут хамсааһыны биллэрэр тыл үөскүүр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи оҥорор быһыылара үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах уонна куһаҕан, буортулаах диэн быһыыларга икки аҥы арахсаллар. (1,29). Киһи оҥорор быһыыта икки аҥы арахсан тахсарын тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар билбэттэр уонна ол билбэттэринэн саха дьонун барыларын албынныыллар.
 
Сир үрдүгэр баар бары араас элбэх тыынар-тыыннаахтар үгүс элбэх тус-туһунан быһыылары оҥороллор. Бу үгүс элбэх быһыылартан ордук элбэх уратылаахтары дьон оҥороллоруттан биһиги кинилэр оҥорор быһыыларын ырытыахпыт. Саха дьонун олохторун үөрэҕинэн уонна туох барыта икки өрүттээҕинэн, бу араас элбэх быһыылар икки аҥы арахсаллар: