Гюрель Айсель: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Tumarca (ырытыы | суруйуу)
«Гюрель, Айсель» сирэйи тылбаастаан оҥоһуллубут
 
(уратыта суох)

Билиҥҥи торум манна: 10:14, 30 Бэс ыйын 2020

Айсель Гюрель (туур. Aysel Gürel, 1929 сыллаахха олунньу 7 күнүгэр төрөөбүтэ, Сарайкей, Денизли куорат, Турция — 2008 сыллаахха олунньу 17 күнүгэр өлбүтэ, Стамбул, Турция) — турок норуотун биллиилээх ырыа тылын айар хоһоонньута уонна артыыһа. Кини ырыаларын Турция бары биллэр ырыаһыттара толороллоро. Кини биир сүрүн уратыта диэн, арын дьонтон таҥаһынан сабынан, макияһынан кырааскатынан уонна дьикти моһуоннаах париктарынан аатырар.

Биографията уларыт

Айсель Гюрель 1929 сыллаахха Турция арҕаа өттүгэр баар Денищли диэн куоракка төрөөбүтэ. Стамбул судаарыстыбаннай университетыгар Литэрэтиирэ факультетын бүтэрбитэ. .

Кини суруйбут хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары Сезен Аксу курдук Турция биллэр ырыаһыттар толорбуттара уонна билигин да толороллор. Ырыа буолар хоһооннору суйарын таһынан, Гюрель биллэр көстөр оруоллардаах артыыс уонна түүр тюрколог этэ. 2007 сыллаахха Гурель Пепси хампаанньа турцияҕа тэлэбиисэргэ рекламатыгар уһуллубута.

2007 сыл ахсынньытыгар Стабулга Флоренс Найтингейл куораттааҕы балыыһатыгар киирбитэ. Прессэҕэ тыҥа рага буолбут диэн иһитиннэрбиттэрэ. Айсель Гюрель 2008 сыллаахха Стамбул куоракка дьарҕа буолбут бронхит ыарыытыттан 80 сааһыгар сытан ыалдьан өлбүтэ. Кинини Тешвикие мэчиэтигэр тиһэр суолугар атааран баран, Зинджирликую кылабыыһатыгар таһааран көмпүттэрэ.

Гюрель төрөппүт кыргыттара Мюжде Ар уонна Мехтап Ар Турция биллэр артыыстара буолаллар.

Суруйбут ырыалара уларыт

Кини көрүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалар элбэх ырыаны суруйбута. Онуталар турок классика буолбут муусукатын ахсааннарыгар киирэллэр:

  • Allahaısmarladık (1977), Сезен Аксу
  • Firuze (1982), Сезен Аксу (совместная работа)
  • Sen Ağlama (1984), Сезен Аксу (кыттыгас үлэ)
  • Haydi Gel Benimle Ol (1984), Сезен Аксу
  • ? Sevda (1985), Nükhet Duru
  • Git (1986), Сезен Аксу (кыттыгас үлэ)
  • Ünzile (1986), Сезен Аксу
  • Değer Mi (1986), Сезен Аксу
  • Sarışın (1988), Сезен Аксу
  • Dünya Tatlısı (1988),? Zerrin Özer
  • Hani Yeminin (1988),? Zerrin Özer
  • Bir Kız (1988), Ayşegül Aldinç
  • Şekerim (1989), Gökben
  • Resmin Yok Bende (1990), Ajda Pekkan
  • Hadi Bakalım (1991), Сезен Аксу
  • Ne Kavgam Bitti Ne Sevdam (1991), Сезен Аксу
  • Gelmeyeceğim (1991), Ayşegül Aldinç
  • Abone (1991), Yonca Evcimik
  • Taksit Taksit (1991), Yonca Evcimik
  • Ayıpsın (1991), Aşkın Nur Yengi (кыттыгас, Сезен Аксу)
  • Show Yapma (1992), Nilüfer
  • Yine Yeni Yeniden Sev (1992), Nilüfer
  • Hadi Yine Iyisin (1993), Tayfun
  • Yok (1993), Ajda Pekkan
  • Vurulmuşum Sana (1994), Asya
  • Of Aman (1994), Nalan
  • Yasaksız Seviş Benimle (1994), Таркан
  • Eğrisi Doğrusu (1994), Nilüfer
  • Gölge Çiçeği (1997), Reyhan Karaca
  • Vur Yüreğim (1999), Сертаб Эренер
  • Aşk (1999), Sertab Erener
  • Tılsım (2001), Burcu Güneş

Трибьют-альбомнар уларыт

  • «Aysel’in» (2013)

Бэлиэтээһиннэр уларыт

Сигэлэр уларыт