1917: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
23 устуруока:
* [[Кулун тутар 21|Кулун тутар 8 (21)]] — Хара үлэһиттэр сойуустара тэриллибит.
* Кулун тутар 10 (23) — Дьокуускай хаайыытыттан холуобунай буруйдаахтары босхолообуттар.
* [[Муус устар 7|Кулун тутар 25 (муус устар 7)]] — Дьокуускай уокуругун учууталларын сийиэһэ буолбут.
* [[Муус устар 8|Кулун тутар 26 (муус устар 8)]] — Дьокуускай, Өлүөхүмэ уонна Бүлүү уокуруктарын көҥүл сахаларын уонна нуучча бааһынайдарын холбоһуктаах сийиэстэрэ саҕаламмыт. Муус устар 16 күнүгэр диэри буолбут.
* [[Муус устар 21|Муус устар 9 (21)]] — саха интэлигиэнсийэтин "Көҥүл" сойууһа тэриллибит. Манна бастыҥ оруолу В.В. Никифоров, Г.В. Ксенофонтов, Р.И. Оросин, Д.И. Слепцов, К.О. Гаврилов, Н.Д. Леонтьев, М.К Артемьев оонньообуттара.
* [[Муус устар 25]] — (ыам ыйын 8 күнүгэр дуу саҥа истиилинэн?) Ас-үөл кэмитиэтин бастакы мунньаҕа буолбут. Бэрэстээтэлинэн меньшевик В. Д. Виленскэй, солбуйааччытынан эсер В. Н. Соловьев талыллыбыттар.
* [[Бэс ыйын 10]] — Украина Киин Раадата Универсал «К украинскому народу на Украине и вне Украины сущему» диэн докумуону ылыммыт. Бу докумуон Украина автономиятын олохтообут.
* [[Бэс ыйын 29|Бэс ыйын 16 (29)]] — "Саха аймах" култуурунай срыдатар уопсастыба тэриллибит.
* Бэс ыйын 25-27 ([[от ыйын 8]]-10) — "Көҥүл" сойуус чилиэннэрэ көскө сылдьар дьону кытта холбоһон "Саха федералистарын үлэһит сойууһа" диэн баартыйа тэрийбиттэр.
* Балаҕан ыйын 26 ([[алтынньы 9]]) — Дьокуускай уокуругун нэһилиэктэрин дьокутааттарын сийиэһигэр "Саха национальнай кэмитиэтэ" тэриллибитэ. Бэрэссэдээтэлинэн В.В. Никифоров, солбуйааччынан А.Д. Широких талыллыбыттар.
 
* [[Сэтинньи 7]] (эргэ стилинэн алтынньы 25) — [[Арассыыйа]]ҕа [[Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ]]. [[Петроград]]тааҕы Байыаннай-революционнай кэмитиэт "[[Арассыыйа]] гражданнарыгар" ыҥырыыта тахсыбыт. Ыҥырыыга Временнай бырабыыталыстыба эстиитэ уонна былаас Байыаннай-революционнай кэмитиэккэ көһүүтэ этиллибит.