Майгы уратылара: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Xaahax (ырытыы | суруйуу)
'Бары төрөппүттэр оҕолоро киһи быһыылаах, үчүгэй майгылаах киһи буола улаатыан баҕараллар. Ол иһин оҕо уонна улахан киһи өйүн-санаатын уратыларын төрөппүттэр хайаан да билэллэрэ, сахалыы таҥара үөрэҕин оҕону иитиигэ туһаналлара орду...' ыйааһыннаах саҥа сирэй оҥоһулунна
 
Xaahax (ырытыы | суруйуу)
Тупсарыы
35 устуруока:
Сахалар киһи таҥараларын үөрэҕэ “Оҕо көҥүлүнэн барарын” бобор, хаайар. Ол хааччахтар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн ааттаналлар. “Айыы диэмэ” диэн этии куһаҕан дьайыылаах, билбэт тылларгын мээнэ саҥарыма диэн өй-санаа хааччаҕа буолар. Бу хааччах киһи саҥарар тылларыттан куһаҕан үгэс эмиэ үөскээн сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэн сөбүттэн оҕону харыстыыр аналлаах.
 
“Айыыны оҥорума” диэн этии киһи билбэт, оҥорбот быһыыларын оҥорума диэн үөрэтэр. Айыыны оҥоруу диэн киһи билбэт, ол иһин оҥорбот быһыыта буолар. Бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсара биллибэтэ ордук кутталлаах. Ол курдук оҕоОҕо бензини уматан көрөн билэ илигинэ, бу убаҕас испиискэ уотун тириэрдэ да иликкэ умайан, дэлби тэбэн тахсарын билбэтиттэн уокка сиэтэр, уоту ыытар кыахтаах. Ол иһин оҕо испиискэни уматыан инниттэн сэрэннэҕинэ, туох хайдах умайарын биллэҕинэ эрэ табылларын төрөппүттэр билэн оҕолорун эрдэттэн сэрэхтээх буолууга “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтиэ этилэр.
 
Эрдэлээн үөрэтии, оҕо айыыны уоран, кистээн оҥорон “Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһарын” суох оҥоруо этэ. Ол курдук буБу этии, оҕо тугу оҥороруттан туох содул үөскээн тахсарын билбэтиттэн бэйэтэ ону-маны булан оҥоро сатыыра куһаҕан буолан тахсарын биллэрэр. Итини тэҥэ, ол куһаҕаммыт аһара баран улахан алдьархайы, сыарҕа тутаах быатын быһыы курдук ыар содулу үөскэтэриттэн “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх харыстыыр аналлаах.
 
Оҕо улаатан иһэн ханнык; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу майгыланан хаалара иитээччиттэн, төрөппүттэн олус улахан тутулуктаах. Кыра эрдэҕиттэн үчүгэй майгыга үөрэтии барыта кинилэртэн тутулуктанар. Ол иһин “Биир оҕо атаах буолар”, “Элбэх оҕолоох буолуу – дьол” диэн этиилэри сахалар олус былыргы кэмнэргэ үөскэппиттэрин билигин да туһана сылдьабыт.
 
Онон оҕонуОҕону кыра эрдэҕинэ иитии, үөрэтии ийэ кутун үөскэтэринэн олус сэрэхтээхтик, үчүгэй быһыылары оҥорууга, олору үгэс оҥостунууга аналланан барарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ төрөппүттэргэ тириэрдэр. (1,43).
 
== Туһаныллыбыт литература. ==
1. Каженкин И.И. Оҕо өйө-санаата сайдыыта / И.И.Каженкин- Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.
 
[[Бикипиэдьийэ:Категорияларынан көрдөөһүн|БикипиэдьийэКатегориялар:Категорияларынан көрдөөһүн. Үөрэх.]]