Орто дойду: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Xaahax (ырытыы | суруйуу)
Тупсарыы
Xaahax (ырытыы | суруйуу)
Тупсарыы
23 устуруока:
Киһи Айылҕаттан анала - олох олоруу буолар. Саха дьоно Сир үрдүгэр олох киһиэхэ биирдэ эрэ бэриллэрин билэллэр. Кинилэр быһаарыыларыгар Орто дойдуттан ордук дойду ханна да суох. Бары ырыаларыгар, тойуктарыгар сирдэрин-дойдуларын хайгыыллар, таптыылларын, харыстыылларын биллэрэллэр. Олоҥхолорго Орто дойду дьон-аймах, айыы аймахтара олорор, үөскүүр сирдэрэ буолара ордук уустаан-ураннаан, ойууланан кэпсэнэр.
 
Киһи айыы буолууга дьулуһуо суохтаах. Киһини айыы буолууга ыҥырыы диэн олус улахан сыыһа. Ол барыта эттээх-сииннээх эрэ дьон Орто дойдуга олороллорунан быһаарыллар. Сахалар бэйэлэрэ айыылар буолбатахтарын билинэллэр, кинилэр бэйэлэрин айыылар аймахтарынан ааттаналлар, киһи быһыылаах буолалларынбыһыылаахтарын, «инчэҕэй эттээхтэрин», ол аата эттээх-сииннээх, тыыннаах сылдьан олоҕу олороллорун, хайа эрэ аймахтара өлөн айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьалларын билинэн анаан-минээн этинэллэр.
 
«Инчэҕэй эттээх» диэн былыргы сахалар Орто дойду киһитин этэллэр. Ол курдук киһиКиһи этин-сиинин 70-тан тахса бырыһыана уу буоларын наука кэлин быһаарбыта. Олох ханнык эмэ түгэнигэр киһи ханна сылдьарын билбэт буола буккуллан ылар кэмнэрэ тиийэн кэлиэхтэрин сөп. Маннык кэм тирээн кэллэҕинэ киһи кыайан быһаарбакка «Илэ дуу, түүл дуу?» диэн санаталаан ылыан сөп. Бу иннэ-кэннэ биллибэт кэмҥэ «Бэйэҕин көм эккиттэн кымаахтаан көрөр буол» диэн кырдьаҕастар үөрэтэллэр уонна «Этиҥ ыалдьар буоллаҕына, илэ сылдьарыҥ биллэр», онтон эт-сиин баара биллибэт буоллаҕынабиллибэтэҕинэ түүл дойдутугар, Үөһээ дойдуга сылдьаҕын диэн быһаараллар. Киһи Орто дойдуга сылдьара эттээх-сииннээх буоларыттан, тыыннаах сылдьарыттан, ыарыыны билэриттэн уратыланан биллэр. Атын дойдуга, Үөһээ дойдуга эбэтэр түүл дойдутугар сырыттахха эт-сиин суох буолан ханан да ыалдьыбат, баара да, бу диэн биллибэт.
 
Атын дойдуга сылдьыыны киһи түһээтэҕинэ билэр. Бу кэмҥэ киһи атын кээмэйдээх сиргэ сылдьар. Соҕотохто ханна эрэ көтөн тиийэн кэлэр, тугу эрэ көрөр, этэ-сиинэ олох суох, өйдөбүллэрэ эмиэ туспалар. Кэнники кэмҥэ быһаарыллан эрэринэн түүл аҥардастыы өй-санаа көстүүлэрэ буолар. Бу көстүүлэргэ дьон өйүгэр-санаатыгар былыргыттан мунньуллубут, олохсуйбут өйдөбүллэр, үгэстэр, куттар киирсэллэр.