Сэтинньи 8: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
19 устуруока:
* [[1943]] — [[ССРС]] үрдүкү байыаннай уордьана «[[Кыайыы уордьана|Кыайыы]]» уонна эмиэ байыаннай «[[Албан аат уордьана|Албан Аат]]» уордьана олохтоммуттар.
* [[1961]] — Бастакы Көрдөөх уонна булугас өйдөөхтөр кулууптара-КВН («Клуб весёлых и находчивых») программа эпииргэ тахсыбыт.
* [[1972]] — АХШ-ка [[Home Box Office]] (HBO) төлөбүрдээх тэлэбиидэнньэ ситимэ баар буолбут.
* [[1975 сыл|1975]] — Рига рейдыгар турбут «Сторожевой» диэн байыаннай хараабылга өрө туруу буолбут. Валерий Саблин диэн замполит хараабыл хапытаанын хаайбыт уонна дойду салалтата Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин таҥнарбытын туһунан биллэрбит, Киин тэлэбиидэнньэҕэ тахсары модьуйбут. Кронштадка (Швеция кыраныыссатыттан чугас) баран эрэр хараабылы буомбалаан тохтоппутарын кэннэ хапытаан Саблины атахха бааһырдан былааһы бэйэтигэр төннөрбүтэ. Саблины сууттаан баран таҥнарыыга буруйдаан ытан өлөрбүттэрэ, киниэхэ көмөлөспүт мотуруоһу 8 сыл хаайыыга ыыппыттара.
* [[2007]] — [[Мэҥэ Хаҥалас улууһа|Мэҥэ Хаҥалас улууһун]] киинэ [[Майа]]ттан [[Аллараа Бэстээх]]хэ көһөрүллүбүт. Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэ хас даҕаны суол ыпсыытыгар сытар: икки федеральнай суолталаах суол (М56 [[«Өлүөнэ» (магистрал суол)|"Өлүөнэ"]] уонна [[«Халыма» (магистрал суол)|"Халыма"]]), биир өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах суол ("Амма"), Амур-Дьокуускай [[тимир суол]] уонна [[Өлүөнэ]] өрүһүнэн устуу суолун хорук тымыра. Ону кытары өрүс уҥуор [[Бүлүү (суол)|A331 "Бүлүү"]] бэдэрээл суолталаах суол аартыга баар.