Сэтинньи 8: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
20 устуруока:
* [[1961]] — Бастакы Көрдөөх уонна булугас өйдөөхтөр кулууптара-КВН («Клуб весёлых и находчивых») программа эпииргэ тахсыбыт.
* [[1972]] — АХШ-ка [[Home Box Office]] (HBO) төлөбүрдээх тэлэбиидэнньэ ситимэ баар буолбут.
* [[1975 сыл|1975]] — [[Рига]] рейдыгар турбут «Сторожевой» диэн байыаннай хараабылга [["Сторожевой" өрө туруута|өрө туруу]] буолбут. Валерий Саблин диэн замполит хараабыл хапытаанын хаайбыт уонна дойду салалтата [[Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ|Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин]] таҥнарбытын туһунан биллэрбит, Киин тэлэбиидэнньэҕэ тахсары модьуйбут. [[Кронштадт|Кронштадка]] ([[Швеция]] кыраныыссатыттан чугас) баран эрэр хараабылы буомбалаан тохтоппутарын кэннэ хапытаан Саблины бэстилиэтинэн атахха бааһырдан былааһы бэйэтигэр төннөрбүтэ. Саблины сууттаан баран дойдуну таҥнарыыга буруйдаан ытан өлөрбүттэрэ, киниэхэ көмөлөспүт Александр Шеин диэн мотуруоһу 8 сыл хаайыыга ыыппыттара. Атыттар дисциплинарнай миэрэҕэ тардыллыбыттара. 1994 сыллаахха дьыала хат көрүллүбүтэ, Үрдүкү суут таҥнарыыга буруйдарын устубута, ол эрээри устаабы кэһиигэ буруйдарын бигэргэппитэ, онон толору реабилитациялаабаҕа.
* [[2007]] — [[Мэҥэ Хаҥалас улууһа|Мэҥэ Хаҥалас улууһун]] киинэ [[Майа]]ттан [[Аллараа Бэстээх]]хэ көһөрүллүбүт. Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэ хас даҕаны суол ыпсыытыгар сытар: икки федеральнай суолталаах суол (М56 [[«Өлүөнэ» (магистрал суол)|"Өлүөнэ"]] уонна [[«Халыма» (магистрал суол)|"Халыма"]]), биир өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах суол ("Амма"), Амур-Дьокуускай [[тимир суол]] уонна [[Өлүөнэ]] өрүһүнэн устуу суолун хорук тымыра. Ону кытары өрүс уҥуор [[Бүлүү (суол)|A331 "Бүлүү"]] бэдэрээл суолталаах суол аартыга баар.