Көҥүл: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Көннөрүү туһунан суруллубатах
Көннөрүү туһунан суруллубатах
1 устуруока:
'''Көҥүл''' диэн киһи баҕа [[баҕа санаа]]тын толоруутугар үөскэтиллэр кыйыа, хааччах ааттанар.
 
[[Киһи]] баҕа санаата куруук хааттара сылдьар курдук, [[өй-санаа]] [[сүр]] диэн туттунар күүһүнэн хам тутуллан киһи быһыытын аһара барбатаҕына, аһара туттубатаҕына эрэ [[олох]] табыллар. Киһиэхэ көҥүл, босхо барыан, туохтан да тутулуга суох буолуон баҕара саныыра иһигэр куруук баар. Бу баҕа санаата биирдэ эмэтэ да буоллар таһыгар тахсыан баҕата киирэн кэлиэн эмиэ сөп. Киһиэхэ көҥүл баран хаалыы кыаллыбата элбэх.
 
Көҥүл диэн дьоҥҥо суох. Бу иннэ-кэннэ ситэ биллибэт курдук дьон бары кэриэтэ истэригэр баҕара саныыр санааларын[[санаа]]ларын [[сахалар]] өй-санаа [[үөрэх]]тэрэ «Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат» диэн ханна да халбаҥнаппат гына чуолкайдык быһааран, көҥүл диэни суох оҥорон кэбиһэр.
 
[[Оҕо]] улаатан, өйө-санаата сайдан истэҕинэ көҥүлгэ наадыйар, талбытынан, олус түргэнник улаатар баҕа санаатын хоту сылдьыан баҕарара элбээн биэрэр. Кини санаатыгар улахан дьон көҥүллэрэ; табаахтыыллара, арыгы иһэллэрэ, ханна баҕарар сылдьаллара быдан элбэх, ол иһин ону ситиһэ охсоору, тугу барытын, билэрин-билбэтин, саҥаттан-саҥа [[айыы]]ны оҥороору ыксыыр, улаата охсоору тиэтэйэр.