→Бөрө Бөтүҥнэр саха сэһэннэригэр
Бу төрүттэртэн (уустартан) ураты былыргы Ботуруускай улуус олоҕор: Амма, Таатта үрэхтэринэн: Ыарҕа ууһа, Дьохсоҕон ууһа, Сылаҥ ууһа, Алаҕар ууһа, Бөтүҥ ууһа диэн хантан төрүттээхтэрэ биллибэт, төһөттөн олоотторо эмиэ чопчу кэпсэммэт, бастаан бэрт аҕыйахтыы ахсааннаах туой бултаан аһаан, дьадахтык тутунан олорооччулар бааллара сэһэн буолар.<br>
Бу уустар [[Алдан өрүс|Аллан]], [[Өлүөнэ
Сэттэ бырааттыы эбиттэр: Маһарах, Мас Өнөкүй, Тиэтэйбит Боотур, Өргөлөй Бэргэн, Чохунай Дохсун, Боллох, Сэгэттэй диэннэр. Барыларыгар тойонноро-баһылыктара (убайдара) Маһарах эбит. Кинилэр Амма үрэххэ билиҥҥи Сомоссун Арыылааҕа диэн дойдуга, Амма үрэх илин эҥээригэр олорбуттара үһү. Оччотооҕу кэмҥэ кинилэр олорор сирдэрин Эбэ төрдө диэн ааттыыллара үһү. <br>
Бөрө Бөтүҥнэр тастарыгар Амма үөһээ өттүгэр, арҕаа эҥээригэр Сыҥаһа алааһынан, Хотуйа үрэҕинэн ыаллаһа Наахаралар диэн бэрт халыҥ аймах-билэ дьон, Арҕаа Хаҥалас Тыгын Тойон аймаҕаргыыр дьоно олооттор. Олору кытта Бөрө Бөтүҥнэр ииссэн, кыргыһан кыайан арҕаанан соҕуруу өрө үүрэн кэбиспиттэр. Арай, Бөтүҥнэр тастарыгар оччоттон Боотур уустара дьон олорбуттар эбит. <br>
|