Бөрө Бөтүҥнэр: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
4 устуруока:

Бу төрүттэртэн (уустартан) ураты былыргы Ботуруускай улуус олоҕор: Амма, Таатта үрэхтэринэн: Ыарҕа ууһа, Дьохсоҕон ууһа, Сылаҥ ууһа, Алаҕар ууһа, Бөтүҥ ууһа диэн хантан төрүттээхтэрэ биллибэт, төһөттөн олоотторо эмиэ чопчу кэпсэммэт, бастаан бэрт аҕыйахтыы ахсааннаах туой бултаан аһаан, дьадахтык тутунан олорооччулар бааллара сэһэн буолар.

Бу уустар [[Алдан өрүс|Аллан]], [[Өлүөнэ|Өлүөнэ өрүс]], [[Амма өрүс|Амма]] үрэхтэринэн кэрийэ сылдьан бултаан-кыыллаан аһыыр, иитиллэр дьон. Кинилэртэн кэнники бэрт элбэх нэһилиэктэр үөскээн олохтоноллор, олор бары Боотурускай улуус дьонугар холбоммуттар. Боотур ууһун дьонун кытта кыргыспыттара, ииссибиттэрэ биллибэт. Бөтүҥ диэн, бэрт былыр Бөрө Бөтүҥнэр диэн сэттэ ини-бии дьон Амма үрэххэ, билиҥҥи [[Соморсун|Сомоссун]], [[Бөтүҥ|Бөтүҥ]] нэһилиэктэр олохторунан, олоотторо үһү. Кинилэр туой [[Алдан өрүс|Аллан]], Нуотара үрэхтэринэн тахсан бултаан-кыыллаан киирэн иитинэн олорбуттар.

Сэттэ бырааттыы эбиттэр: Маһарах, Мас Өнөкүй, Тиэтэйбит Боотур, Өргөлөй Бэргэн, Чохунай Дохсун, Боллох, Сэгэттэй диэннэр. Барыларыгар тойонноро-баһылыктара (убайдара) Маһарах эбит. Кинилэр Амма үрэххэ билиҥҥи Сомоссун Арыылааҕа диэн дойдуга, Амма үрэх илин эҥээригэр олорбуттара үһү. Оччотооҕу кэмҥэ кинилэр олорор сирдэрин Эбэ төрдө диэн ааттыыллара үһү.

Бөрө Бөтүҥнэр тастарыгар Амма үөһээ өттүгэр, арҕаа эҥээригэр Сыҥаһа алааһынан, Хотуйа үрэҕинэн ыаллаһа Наахаралар диэн бэрт халыҥ аймах-билэ дьон, Арҕаа Хаҥалас Тыгын Тойон аймаҕаргыыр дьоно олооттор. Олору кытта Бөрө Бөтүҥнэр ииссэн, кыргыһан кыайан арҕаанан соҕуруу өрө үүрэн кэбиспиттэр. Арай, Бөтүҥнэр тастарыгар оччоттон Боотур уустара дьон олорбуттар эбит.

Бу Бөтүҥнэртэн билигин: [[Бөтүҥ|Бөтүҥ]], [[Соморсун|Сомоссун]], [[Абаҕа (Амма)|Абаҕа]] нэһилиэктэрэ ууһаан олороллор. БөтүҥнэрБөтүҥнэри Поярков этэрээтэ кэлэн кыргыбытын кэннэ, Саха сирин былаһын тухары ыһыллыбыттар. Нам Бөтүҥнэрэ, көмөкөннөрө бу кэмтэн ыла [[Нам улууһа|Намҥа]] олохсуйбут буолуохтарын сөп. Нуучча кэлиэн иннинэ Бөтүҥ буолаһа диэн биир саамай бөдөҥ, элбэх киһилээх эбит. Тоҥустарга Бети, Бетильский диэн уустар баалларын бөтүҥнэртэн таһаараллар. «Бөрө саҕа соргулаах» Бөрө бөтүҥнэри орто үйэтээҕи монгол төрдө буолбут Буртэ-Чино диэн уус аатын кытта ханыылыы тутуохха сөп. Монгол хааннара бу былыргы төрүттэринэн олус диэн киэн тутталлара биллэр. Өссө эрдэ үйэлэргэ былыргы түүр, уйгуур хааннара бөрөттөн төрүттээхпит диэн киэптииллэрэ, бөрө төбөтө штандартаахтара, ол аата былаахтахтара биллэр. Төрүт былыргы индоиран тыллаах усунь бииһэ бөрөттөн төрүттээхпит диэн номохтоохторо кытай суругар киирбит, кинилэртэн бөрөнү таҥара оҥостуу хуннарга киирбит буолуон сөп. [[Серошевскай, Вацлав|Серошевскай]] кинигэтигэр, [[Бөтүҥ (Нам)|Нам бөтүҥнэрин]] оҕонньотторун бары хотой курдук муннулаах, көнө унуохтаах дьон диэн сөҕөн, дьиҥнээх сахалыы көрүҥнээх дьон тобоҕо сылдьар диэн суруйар.

Былыр Аммаҕа наахаралар уонна бөтүҥнэр ыаллыы олорбуттар. Наахаралар сэттэ уонча буолан, ыаллыы олорор икки аҕа ууһун дьонун дьиэҕэ төгүрүйбүттэрэ кэпсэнэр. Дьиэ умайбытын кэннэ, бырааттыылар дьиэ иһигэр баар омуһахха киирэн быыһаммыттар. Наахаралары кэннилэриттэн эккирэппиттэригэр, бу кэмҥэ суох бырааттарыгар Тиэтэйбэт Боотурга ойуун Илбиһи иҥэрбит. Бу Боотур наахаралары эккирэтэн ситэн, утуйа сыттахтарына имири кыргыбыт. Наахаралар сирдэриттэн үүрүллэн, кыайбыт бөтүҥнэр кинилэр сирдэрин ылбыттар. Архыып докумуона көрдөрөрүнэн, 1641 сыллаахха бөтүҥнэр Книга диэн тойонноох, Боотур ууһун дьоно Така уонна Казяла диэн кинээстээх наахараларга кэлэн саба түһэн, имири эспиттэр.

Наахаралар Хаҥалас Тыгын Тойон аймахтара буолан, онно тирэҕирэн Бөрө Бөтүҥнэри аргыый аҕай [[Амма өрүс|Амма өрүс]] сүнньүнэн сирдэрин-уоттарын ылан аллараа диэки сыҕарытан испиттэр. Наахаралар Хотуйа үрэҕинэн Сыҥаһа алааска олохтоохторо. Бөтүҥнэр Арыылаах Эбэҕэ олорбуттар.
Бөтүҥнэр наахаралары эспиттэрин иэстээнистээт, Тыгын Тойон Бөтүҥнэргэ сэрии, кыргыс дьонун таһааран кыргыһыннарар да кыаттаран киирэллэр. Онон Тыгын Тойон Бөрө Бөтүҥнэр тойонноругар Маһарах, Тиэтэйбит Боотур диэн икки киһини ыҥыттаран ылан, кыаттарбыт суолугар эр сулуута төлөбүр төлүүр, 100 толуу ынах, сылгы сүөһүнэн уонна аны утары хаан хассыа, күөн көссүө суох буолбут.

== 1642 сыллаах өрө туруу ==