Алтайдар — түүр омуга. Алтай Республикатыгар, Алтай кыраайыгар, Тываҕа уонна Монголияҕа олороллор. Алтайдар икки бөлөххө арахсаллар:

  • Соҕуруу алтайдар (Алтай-кижи) — кинилэртэн телеуттар уонна теленгиттар туспалар.
  • Хотугу алтайдар — кинилэртэн кумандиннар, челканнар уонна тубалардар туспалар.
Алтайдар
Ахсааннара

200,000

Олорор сирдэрэ
Алтай Республиката
   64,000
Кузнецкай Алатау
   59,000
Тыллара
Алтай тыла
Итэҕэллэрэ
Буддизм
Православие
Ойуун итэҕэлэ
Бурханизм
Уруулуу омуктара
атын Түүрдэр

2000 сылтан саҕалаан биэрэпискэ кумандиннар уонна телеуттар туспа омук быһыытынан учуоттанар буолбуттара.

Литературнай алтай тыла соҕуруу алтай тылыгар олоҕурбута.

Ахсааннара уларыт

2002 сыллааҕы биэрэпис кэмигэр 67 239 киһи алтайдар диэн ааттаммыт. Алтай Өрөспүүбүлүкэтигэр — 62 192 киһи, Алтай кыраайыгар — 1880 киһи.

Казахстааҥҥа 1989 сыллаахха 679 алтай олорбут, 2009 сыллаахха — 221 киһи[1]. Узбекистааҥҥа 191 алтай олорор (1989), Кыргыстааҥҥа — 116 (1989), Тадьикистааҥҥа — 60 (1989), Украинаҕа — 38 (2001), Беларуська — 27 (1989), Грузияҕа — 27 (1989), Түркменистааҥҥа — 26 (1989), Молдоваҕа — 20 (1989), Литваҕа — 19 (1989), Азербайдьаҥҥа — 14 (1989), Латвияҕа — 4 (2011), Эстонияҕа — 3 (1997), Эрмээнийэҕэ — 1 (1989).

Монгольскай Алтайыгар (Монголия) уонна Алтай уокурукугар (Кытай) алтайдар монголларынан ааҕыллаллар. Онно алтайдар ахсааннара хас да тыһыынча киһинэн сыаналанар[2].

Алтайдар Саха сиригэр уларыт

Суруйуу ыытыллыбыт сылларга Саха сиригэр Алтайдар ахсааннара
1926 1939 1959 1970 1979 1989 2002
30 74 148 89

Быһаарыылар уларыт

  1. Агентство Республики Казахстан по статистике. Перепись 2009. Архивга.
  2. Olson J. S. Altai // An Ethnohistorical Dictionary of China. — Westport, Conn: Greenwood Press, 1998. — P. 9—11. — ISBN 0-313-28853-4.