Анион - төттөрү иитиилээх ион.

Электрона протоннааҕар элбэх буолан ион анион буолар. Анион иитиитэ дискретнай, ол аата биирдэмэ аҥаардаммат, холобура Cl — биир иитиилээх анион, оттон SO42− — икки иитиилээх анион. Анионнар туустар, аһыыбалар уонна солохтор үгүстэригэр, гаастарга, ону таһынан ион ситимнээх холбоһуктар кристаал эрэһиэккэлэригэр баар буолаллар.

Электрическэй хонууга анионнар, минустаах буолан плюс электродка — анодка — тардыһаллар.


Эбии көр уларыт