Винокуров Иван Николаевич

Винокуров Иван Николаевич (25.03.1893—15.01.1935) — саха политика диэйэтэлэ.

Винокуров Иван Николаевич

Олоҕун олуктара уларыт

1893 сыл кулун тутар 25 күнүгэр Боотур Уус улууһун Бастакы Хайахсыт нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы духуобунай семинарияны бүтэрэн баран Казаннааҕы духуобунай академияҕа үөрэххэ киирбитэ.

1917 сыллаахха атеист буолан, академияттан үүрүллэн, Казаннааҕы университет үһүс курсугар киирэр.

1919—1922 сыллардаахха Самара губерниятыгар үлэлиир. 1923 сыллаахха ВКП(б) КК быһаарыытынан Саха Сиригэр кэлэр.

1923 сыл атырдьах ыйыттан 1924 сыл ахсынньытыгар диэри Саха АССР үөрэҕирии уонна доруобуйуны харыстыыр наркома.

1924 сыл ахсынньытыттан 1925 сыл от ыйыгар диэри Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ.

1925 сыл от ыйыттан 1928 сыл балаҕан ыйыттан Саха АССР ВЦИКка бэрэстэбиитэл.

1928 сыл балаҕан ыйыттан 1930 сылга диэри Саха АССР эргиэнин уонна промышленноһын наркома.

1930 сылга Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.

Москваҕа эргиэн академиятын бүтэрэн баран Саха АССР хааччыйыы наркома.

1934 сыл сэтинньиттэн иккистээн Саха АССР ВЦИКка бэрэстэбиитэлинэн ананар.

1935 сыл тохсунньу 15 күнүгэр Москваҕа өлбүт.

Сигэлэр уларыт

Якутия, хроника, факты, события. — Якутск, 2004.