Доруобуйа харыстабылын өҥөтүн дьоҥҥо барытыгар тиэрдии аан дойдутааҕы күнэ

Доруобуйа харыстабылын өҥөтүн дьоҥҥо барытыгар тиэрдии аан дойдутааҕы күнэ (ааҥл. Universal Health Coverage Day) — сылын ахсын ХНТ көҕүлээһининэн ахсынньы 12 күнүгэр аан дойдуга бэлиэтэнэр.

2012 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Холбоһуктаах Наассыйалар Тэрилтэлэрин Генеральнай ассамблеята туох баар дьону-сэргэни мэдиссиинэ өҥөтүнэн хабарга резолюция ылыммыта, дойдулары барытын маны ситиһэр туһугар тиэтэйэргэ ыҥырбыта. Ханнык баҕарар киһи, ханна да сырыттын таһымнаах уонна чэпчэки сыаналаах мэдиссиинэ өҥөтүнэн туһанар бырааптаах, бу аан дойду сайдыытын сүрүн мэктиэтэ буолар диэн этиллибитэ.