Ирак туркменнэрэ, туркоманнар, туркманнар да дииллэр (азерб. İraq türkmanları) – хотугулуу илиҥҥи уонна киин Иракка[1] олорор аҕыйах ахсааннаах түүр омуга[2]. Ирак туркменнэрин өбүгэлэрэ ХI үйэҕэ Ирак сиригэр көспүт уонна кэлин Ак-Койунлу, Кара-Койунлу диэн дойдулары тэрийбит оҕус биистэрэ буолаллар. Сорох чинчийээччилэр Ирак туркменнэрин азербайдьаан омугун[3][4] эбэтэр атын түүр тыллаах омук[3][5][6] сорҕотун курдук саныыллар. Туркменнэр араабтар уонна курдтар кэннэ Ирак үһүс улахан омуга буолаллар.

Ирак туркменнэрин былааҕа

Тыллара уларыт

Ирак туркменнэрин тыла түүр тыллар оҕус бөлөҕөр киирэр. Чинчийээччилэр этэллэринэн туркменнэр тыллара туспа тыл буолбакка азербайдьаан тылын диалега буолар[7].

Хидайат Кэмаль Байатлы диэн ааттаах Ирак туркменнэриттэн төрүттээх Турция чинчийээччитэ этэринэн Ирак туркменнэрин гуобардара азербайдьаан тылын сороҕото буолар. Азербайдьаан тыла уонна кини диалектара Соҕуруу Кавказка, Илиҥҥи Анатолияҕа, Ираан Азербайдьааныгар, Иракка уонна Сирияҕа тарҕаммыт[8].

Супһи Саатчы диэн эмиэ Ирак туркменнэриттэн төрүттээх турок чинчийээччитэ бэлиэтээбитинэн Киркук туркменнэрин тыла азербайдьаан тылыгар чугас[9].

Кристиан Булут диэн тыл үөрэхтээҕэ сабаҕалыырынан Ирак туркменнэрин тыла туспа тыл буолар, ол эрээри турок уонна азербайдьаан тылларын дьайыыларыгар сылдьыбыт. Туркменнэр сурукка үгэс быһыытынан турок тылын стандартарын туһаналлар. Оттон кэпсэтэр тыллара буоллаҕына сурук тылыттан чыҥха атын, тоҕо диэтэр кэпсэтэр тылга арааб уонна курд тылларын дьайыыта күүстээх[10].

Туркменнэр үксүлэрэ арааб тылын билэр. Ону таһынан үгүс эдэр ыччат төрөөбүт тылын билбэт, ол аата араабтары кытта булкуһуу күүстээх диэн бэлиэтэммит[11].

Ахсааннара уонна олорор сирдэрэ уларыт

 
Ирак картатыгар сырдык саарыл өҥүнэн туркменнэр олорор сирдэрэ бэлиэтэммит

Ирак туркменнэрин ахсаана чопчу биллибэт. Кинилэр ахсааннарын быһа холоон 500–800 тыһ. киһи иһинэн сыаналыыллар, ол эбэтэр Ирак дьонун 2–3 эрэ быраһыана. Ол эрээри Ирак туркменнэрэ бэйэлэрэ саныылларынан кинилэр ахсааннара быһа холоон 2–3 мөл. тэҥнээх, ол эбэтэр Ирак дьонун 7,5–11 быраһыана[12]. Туркменнэр сүрүннээн Ирак хоту өттүгэр, Ираан кыраныыссатыттан ылата Сирия кыраныыссатыгар тиийэ олороллор. Үгүстэрэ куораттарга олохтоохтор, холобур, Талль-Афарга, Алтынкөпрүгэ, Эрбилгэ, Мосулга уонна Киркукка. Элбэх туркмен Ирак киин куоратыгар Багдадка бааллар[11].

Ирак туркменнэрэ араабтар курдук итэҕэллэриттэн сылтаан арахсаллар. Бары мусульманнар, ол эрээри улахан аҥара сунниттар, уоннааҕылара шииттэр[13]. Ирак туркменнарын общината 30000 киһи, католическай христианство итэҕэлэ буолар. 2021 с. Туркмен Библия партнерствота Иракка саҥа кэс тылын тылбаастаан 2000 экземплярынан Иракка бэчээттэппитэ[14][15][16].

Эбии көр уларыт

Быһаарыылар уларыт

  1. Encyclopaedia İranica. Turkmens of Persia. Language. Архыыптаммыт 2011, От ыйын 15 күнүгэр.: «Approximately 400,000 people in the Near East identify themselves as Turkmens, but in reality they are descendents of the Oghuz immigrants of the 11th-13th centuries. More than a half of these groups, who are not directly related with the Turkmens of Central Asia, are living in the northeastern and central Iraq.»
  2. John Robertson Iraq: A History. — С. 32.
  3. 3,0 3,1 АЗЕРБАЙДЖАНЦЫ • Большая российская энциклопедия - электронная версия. bigenc.ru. Тургутулунна 20 Сэтинньи 2018.
  4. Karl Heinrich Menges The Turkic Languages and Peoples: An Introduction to Turkic Studies. — 1995. — С. 248. — ISBN 3447035331
  5. Turkmen people Alternative Titles: Turcoman, Turkmeny, Turkoman(ааҥл.). Тургутулунна 21 От ыйын 2019.
  6. María Triana. Managing Diversity in Organizations: A Global Perspective(ааҥл.). Тургутулунна 21 От ыйын 2019.
  7. Encyclopædia Iranica. AZERBAIJAN viii. Azeri Turkish Azeri dialects.
  8. Prof. Dr. Hidayet Kemal Bayatlı, Irak Türkmen Türkçesi — стр. 12 — T.C. İstanbul Üniversitesi Sosyal Bilimler Enstitüsü Türk Dili ve Edebiyatı Ana Bilim Dalı Yüksek Lisan Tezi
  9. Prof. Dr. Suphi Saatçi Kerkük Çocuk Folkloru. — С. 11, 13-14.
  10. Christiane Bulut «Iraqi Turkman», из «Languages of Iraq, Ancient and Modern» под редакцией J. N. Postgate, British School of Archaeology in Iraq, 2007. С. 167.
  11. 11,0 11,1 Gareth Stansfield. «Iraq: people, history, politics». — Polity, 2007 — p. 70-76 — ISBN 0-7456-3227-0, 9780745632278:«Turkman scholars claim that their people first came to Iraq in seventh century, as soldiers recruited into the Muslim army.»
  12. Jenkins, Gareth Turkey and Northern Iraq: An Overview. — The Jamestown Foundation, 2008. — P. 6. — 23 p.
  13. Liam Anderson, Gareth Stansfield. «Crisis in Kirkuk: the ethnopolitics of conflict and compromise. National and ethnic conflict in the 21st century» — University of Pennsylvania Press, 2009 — p. 15, 56, 103, 122 — ISBN 0-8122-4176-2
  14. www.fildisiajans.com.tr, Fildişi Ajans, Danışmanlık ve Yazılım ORSAM-Center for Middle Eastern Studies(ааҥл.).
  15. Hann, Geoff (2015). Iraq: The ancient sites and Iraqi Kurdistan. Bradt Travel Guides. ISBN 9781841624884. "There are estimated to be some three million Turkmen in Iraq, but despite ... There are also about 30,000 Christian 'Catholic'Turks and some Jews living in Iraq..." 
  16. Home | Turkmen Bible Partnership(ааҥл.).