Күндэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)

Күндэйэ (нууччалыы аата Кюндяя), урукку аата Чакыр,Сунтаар улууһун нэһилиэгэ. Улуус кииниттэн Сунтаартан, Бүлүү өрүс нөҥүө 38 км ыраах сытар. Аттынан МирнэйДьокуускай Бүлүү федеральнай суола ааһар (8 км). Сүрүннээн 3 түбэттэн Күндэйэ (Арыы), Элгээн, Харыйалаах турар. Билигин дьон үксэ Күндэйэҕэ бэйэтигэр олорор. Орто оскуола, оҕо саада,культура дьиэтэ, балыыһа, почта, аҕыйах тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар чааһынай тэрилтэлэр, атыы-эргиэн тэрилтэлэрэ бааллар. Нэһилиэнньэтэ 805 киһи (2007 с. туругунан). Омугунан бары сахалар.

Сунтаар нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Элгээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тойбохой нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кириэстээх нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бордоҥ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кутана нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Сиэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Арыылаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күндэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бүлүүчээн нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Куокуну нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Маар Күөл нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Аллыҥа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кэмпэндээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хадан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Уустуйа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күүкэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хоро нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Илимниир нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Туойдаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Толоон нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тэҥкэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Наахара нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Мирнэй улууһаМирнэй улууһаЛенскэй улуусНьурба улууһаӨлүөхүмэ улууһаҮөһээ Бүлүү улууһа

Харыйалаах түбэтэ уларыт

Былыргы аата Кокуора. 1906 сыллаахха Хоро нэһилиэгиттэн арахсан туспа Кокуора нэһилиэгэ буолбута. 1-кы кинээс Андрей Петрович Кокорин-Каакас. Кини 1916 с. чааһынай дьиэтин сиэртибэлээн 1 кылаастаах училищены астарбыта. Онно уонтан тахса оҕо үөрэммитэ. Бастакы учуутал Монастырев Матвей Васильевич диэн нуучча дуогабарынан үлэлээбит. Кини кэнниттэн Попов Иван Петрович — Баанча диэн олохтоох нуучча учууталлаабыт. 1922 с. үп суох буолан оскуола сабыллыбыт. Бу үөрэммит оҕолортон Кокорин (Трофимов) Кирилл Алексеевич оройуоҥҥа, республикаҕа биллэр салайааччы, Михайлов Михаил Прокопьевич Өлүөхүмэҕэ милииссийэ начальнига буолбуттара.

1937 с. «Кыһыл Харыйа» холкуос тэриллибитэ. Ол дьыл миэлиҥсэ тутуллубута уонна 1955 с. дылы үлэлээбитэ. 1938 с. кулууп баар буолбута. 1948 с. Хомустаахха саҥа бөһүөлэк тутуллубута. 1950с. «Кыһыл Харыйа» Калинин аатынан (Элгээн) холкуостуун холбоспута.

Кокуора сирин аҕа уустара уларыт

Кокуора аҕатын ууһа Туулуурга олохтооҕо Андарҕалар Улахан Көрдүгэҥҥэ олохсуйбуттара

Толботтор Хомустаахха
Лаҥкырдар Эбэҕэ
Хаймааттар Бакамдаҕа, Ньырба маарга
Маппардар Тиргэлииргэ
Килимээнтиктэр Туулуур сыһыытыгар
Чырахалар Мыссыыкаҕа
Күөгэлдьиттэр Буор Дьиэҕэ
Чааччахааннар Көрдүгэҥҥэ
Баачалар Ураҕастаахха
Боппуоктар Көрдүгэҥҥэ олорбуттара.

1875 с. Туулуурга Бүөтүр Кокуорун чочуобуна туттарбыта уонна уолун Андрей аатын иҥэрбитэ (1-гы кинээс).

Элгээн түбэтэ уларыт

Күндэйэ (Арыы) түбэтэ уларыт

Бэлиэ сирдэр уларыт

Аттаах тумул - Элгээн түбэтиттэн сэриигэ барбыт 33 буойуннарга, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылын оҕолоругар аналлаах өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэтэ турар сирэ.

Туулур (Харыйалаах) — таҥара чочуобуната, маҥнайгы оскуола, Кокуора нэһилиэгин быраабата турбут сирдэрэ. Харыйалаах буойуттарыгар аналлаах өйдөбүнньүк.

Нэһилиэк биллэр дьоно уларыт