Ноҕай тыла (ногай тили, ногайша) — Дагестааҥҥа, Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэтигэр, Чечняҕа, Кырыымҥа, Ставрополь кыраайыгар, Астрахан уобалаһыгар олорор ноҕай омук төрөөбүт тыла. 2010 сыллаах биэрэпиһинэн Арассыыйаҕа 87,1 тыһыынча ноҕай тыллаах баар, олортон 81851 ноҕайдар бэйэлэрэ.

Ноҕай тылынан "Шоьл тавысы" уонна "Ногай давысы" диэн хаһыаттар тахсаллар. "Турция саҥата" диэн радио татаар салаата ноҕайдыы "Nuğayça näsixätlär" ("Ноҕайдыы үөрэтии") диэн биэриилээх. Ноҕай тыла Дагестаан уонна Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэлэригэр судаарыстыбаннай тыл буолар[1].

Ноҕай тыла Кырыым татаардарын тылларын степной диалега буолар. Ол иһин сорох чинчийээччилэр саныылларынан татаар тылын йуртов, алабуҕа уонна кундров диалектара ноҕай тылыгар киирэллэр.

Ноҕай тылым литературнай көрүҥэ караногай диалегар олоҕуран оҥоһуллубута.

Диалектар уларыт

Ноҕай тыла түүр тыллар кыпчак-ноҕай бөлөҕөр киирэр. Арассыыйаҕа үс ноҕай диалега баар (Кырыым уонна Добрудь ноҕайдарын диалега туспа аахсыллар):

Сурук-бичик уларыт

1928 сылга диэри ноҕай тыла арааб суруктаах этэ, ол кэннэ латыын алпабыыта туттуллар буолбута:

A a B в Ç ç D d E e Ә ә G g Ƣ ƣ
I i K k L l M m N n N̡ ᶇ O o Ө ө
P p Q q R r S s Ş ş T t U u Y y
J j Ь ь Z z V v

1938 сылтан кирилл суруга туттуллар. Билиҥҥи ноҕай тылын алпабыыта 1950 сыллаахха ылыммыта:

А а Аь аь Б б В в Г г Д д Е е Ё ё Ж ж З з
И и Й й К к Л л М м Н н Нъ нъ О о Оь оь П п
Р р С с Т т У у Уь уь Ф ф Х х Ц ц Ч ч Ш ш
Щ щ Ъ ъ Ы ы Ь ь Э э Ю ю Я я

Морфология уларыт

Ноҕай тылыгар саҥа чаастара үс бөлөххө арахсаллар: 1) ааттар (аат тыл, даҕааһыннар, сыһыаттар, ахсаан ааттар, солбуйар ааттар); 2) туохтуурдар; 3) көмө тыллар.

Солбуйар ааттар уларыт

Ноҕай тылын солбуйар ааттара:

мен (мин), сен (эн), ол (ол, кини), биз (биһиги), сиз (эһиги), олар (олор, кинилэр).

Ахсаан ааттар уларыт

0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10
ноль бир эки уьш доьрт бес алты ети сегиз тогыз он
11 20 30 40 50 60 70 80 90 100 1000
он бир йырма отыз кырк элли алпыс етпис сексен токсан юз мынъ

Эбии көр уларыт

Быһаарыылар уларыт

  1. Ногайский язык Архыыптаммыт 2019, Бэс ыйын 2 күнүгэр.

Кинигэлэр уларыт

  • Баскаков Н. А. Ногайский язык и его диалекты: Грамматика, тексты и словарь / Н. А. Баскаков; Отв. ред. проф. Н. К. Дмитриев; Институт языка и письменности АН СССР. — М.; Л.: Издательство Академии наук СССР, 1940. — 272 с. — 1 000 экз.
  • Калмыкова С. А. Алфавит ногайского языка // Вопросы совершенствования алфавитов тюркских языков СССР / Отв. ред. д-р филол. наук Н. А. Баскаков; Институт языкознания АН СССР. — М.: Наука, 1972. — С. 118—125. — 240 с. — 2400 экз.