Собо эбэтэр Саха собото (лат. Carassius Carassius jacuticus Kirillov, 1972, нууч. Якутский золотой карась) — орто кээмэйдээх балык. Бу көрүҥ үөдүҥэ (подвид) туспа араарыллыан иннинэ Саха сиригэр ханнык собо көрүҥэ үөскүүрэ быһаарыллыбакка сылдьыбыта. Сорох ааптарадар Саха сиригэр икки көрүҥ — көмүс уонна үрүҥ көмүс соболор — бааллар дииллэрэ, сорох ааптардар биир эрэ көрүҥ (көмүс эбэтэр үрүҥ көмүс); үһүстэр — кыһыл уонна үрүҥ көмүс соболор ыккардыларынан көрүҥ баар дииллэрэ[1].

Түөлбэ ааттара уларыт

Саха омугар олоҕор былыр-былыргыттан суолталаах буолан аата хара баһаан. Ол сахаҕа тарҕаммыт харыс тыл да, түөлбэ-түөлбэ бэйэтин барыллара да буолаллар. Сороҕор собо араас туругун көрдөрөр буолуон сөп. Холобур, собо оҕотун сорох сирдэргэ дыыгынай дииллэр[2]. Тэрэкэнэ — кыра собо. Быллыкы, быычаак — собо оҕото. Бырыкы — собо кырата, собо оҕото. Быччыкы — кыра, бытархай собо. Быччыык — орто собо. Быыччыт — собо быйылгы ыамата[3].

Быһаарыылар уларыт

  1. Пресноводные рыбы, земноводные и пресмыкающиеся Якутии: Справочник-опеределитель. Б. И. Сидоров, М. М. Тяптиргянов. — Якутск: Бичик, 2004. — 64 с., ил. ISBN 5-7696-1590-7
  2. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. III туом, Новосибирскай, Наука, 2006 ISBN 5-02-032332-2
  3. Булчут кинигэтэ. В. Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.67