Хаккяри (Хакяри, туур. Hakkâri) — Турция соҕуруулуу-илин өттүгэр баара ил.

Географията уларыт

Хаккяри илин диэки өттүгэр Иран Арҕааҥҥы Азербайджан провинциятын кытта быысаһар, соҕуруу -- Ирак Курдистанын кытта.

Ону таһынан Хаккяри ил хоту диэки Ван, арҕаа диэки Ширнак иллары кытта быысаһар.

Провинция барыта 7 729 км² иэннээх сирдээх, муора таһымыттан 1700 үрдүккэ сытар. Хаккяри — хайалаах, бүтэй сирэ. Отуттан тахса чыпчаал сирэ 3000 м үрдүк сиргэ турар. Саамай улахан хайата -- Джило (4168 м). Ил сирин-уотун 10 %-на хайа намтала. Олортон саамай биллэллэрэ: Кандыл, Шандыл, Бершелан, Канымехан.

Устуоруйата уларыт

Хаккярига дьон сэргэ былыр былыргыттан олорор. Ону таас хайа сирэйдэригэр ойууланан хаалбыт былыргы уруһуйдар туоһулууллар. Ол гынан баран, уруһуйдар хаһан ойууламмыттара чопчу биллибэт. Биһиги эрабыт үүнүөр диэри ил сирэ Митанни, Урарту, Айрарат саарыстыбатын уонна Улуу Армения састааптарыгар киирэрэ. Бэрт өр кэмҥэ илииттэн-илиигэ сылдьыбыта, былдьаһыктаах сир этэ.

Түҥ былыргыта уларыт

  • быһа холоон 850—585: Урарту
  • 585 —550: Мидия
  • 550—331: Персия
  • 331—323: Македония империята
  • 323—200: Армения
  • 200—190: Селевкидтэр судаарыстыбалара
  • 190 — 428 б.э и.: Улуу Армения

Орто үйэлэргэ уларыт

  • 428—638: Персия
  • 638—885: Халифат
  • 885—1021: Армения
  • 1021—1054: Византия
  • 1054: Сельджуктар
  • 1142: Имад ад-Дин Занги
  • 1343: Кара-Коюнлу
  • 1360: Хаккяри 1-кы княжествота
  • 1386: монголлар
  • 1405: Хаккяри 2-с княжествота

Саҥа кэм уларыт

  • 1534: османнар
  • 1843: курдар
  • 1846: османнар
  • 1855: Иззредин Шера өрө туруута
  • 1914: ассириецтары кытта нууччалар кытыһыылара
  • 1918: Турция
  • 1924: ассириецтар өрө туруулара
  • Ил 1936 сыллаахха Ван ил соҕуруу өттүгэр тэриллибитэ.

Нэһилиэнньэтэ уларыт

1880 сыллаахха Хаккярига 142 000 киһи олороро, олортон:

  • ассириецтар - 62 000 (43,7%)
  • эрмээннэр - 40 000 (28,2%)
  • курдар - 20 000 (14,1%)
  • туроктар, перстэр, арааптар уо.д.а. - 20 000

Хаккярига урут христианнар нэһилиэнньэ 72 %-нын ылаллара (102 000 киһи). Ол гынан баран, 1915-1923 сыллардаахха Осман империята ассириецтары уонна эрмээннэри утары тэрийбит геноцидтарын кэннэ, биир да христиан хаалбатах. Кинилэр оннуларыгар курдар олохсуйбуттар.

2009 сыллаахха провинция нэһилиэнньэтин ахсаана 236 581 киһиэхэ тиийбит. Улахан аҥаара -- курдар, ассириецтар уонна криптоэрмээннэр..

Саамай улахан куораттара — Хаккяри (2000 сыллаахха 58 тыһ. нэһилиэнньэлээҕэ).

1915 с. геноцид иннинэ ассирия бөһүөлэктэрэ уларыт

  • Альсан (Alsan)
  • Анхар (Anhar)
  • Ашита (Asheetha)
  • Баз (Baz) (ܒܙ)
  • Банимату (Banimatu)
  • Баширга (Bashirga)
  • Бет-Диве (Bet Diwe)
  • Биньямата (Binyamata)
  • Бираул (Biraul)
  • Бьялта (Byalta)
  • Верхний Тиари (Upper Tyari)
  • Гавар (Gawar) (ܓܒܼܪ)
  • Гагавран (Gagawran)
  • Дарава (Darawa)
  • Дарьян (Dariyan)
  • Дерайи (De Rayi)
  • Дерибенд (Deri Bend)
  • Джулу (Jilu) (ܓܝܠܘ)
  • Диза (Diza)
  • Заранак (Zaranak)
  • Зауита (Zawita)
  • Кармил (Karmil)
  • Келайта (Kelaita)
  • Кирдивар (Kirdiwar)
  • Кирзалан (Kirzallan)
  • Кочанис (Qochanis) (ܩܘܟܢܣ)
  • Лакина (Lakina)
  • Левин (Lewin)
  • Лизен (Lizen)
  • Манунан (Mannunan)
  • Мар-Ышу (Mar Isho)
  • Мерди (Merdi)
  • Миньяниш (Minianish)
  • Нахра (Nahra)
  • Нери (Neri)
  • Нижний Тиари (Lower Tyari)
  • Ноджия (Nochiya)
  • Ромта (Romta)
  • Сара & Тимар (Sara & Timar)
  • Сулбаг (Sulbag)
  • Тал (Tal)
  • Тис (Tis)
  • Тхума (Tkhuma) (ܬܚܘܡܐ)
  • Халана (Halana)
  • Шабатан (Shabatan)
  • Шуаута (Shwawoota)
  • Эйнд-Кандил (Ein D’Kandil)
  • Юмара & Юмаран (Youmara & Youmaran)

Административнай арахсыыта уларыт

 

Хаккяри ил 4 оройуоҥҥа арахсар:

  1. Чукурджа (Çukurca)
  2. Хаккяри (Hakkâri)
  3. Шемдинли (Şemdinli)
  4. Юксекова (Yüksekova)

Библиографията уларыт

  • Michel Chevalier Les montagnards chrétiens du Hakkâri et du Kurdistan septentrional. Dépt. de Géographie de l'Univ. de Paris-Sorbonne, Paris 1985. ISBN 2-901165-13-3
  • Helga Anschütz Mar Shallita. Die alte Patriarchatskirche von Qodshanes im Bergland von Hakkari. In: Kyrios (1968) 13-23.
  • Luise Abramowski Untersuchungen zum Liber Heraclidis des Nestorius (Corpus Scriptorum Christianorum Orientalium 242/Subs. 22). Louvain 1963.
  • David Wilmshurst The Ecclesiastical Organisation of the Church of the East, 1318-1913. (Corpus Scriptorum Christianorum Orientalium 582 / Subs. 104). Peeters, Leuven 2000.
  • Wigram, W.A. The cradle of mankind. Life in Eastern Kurdistan. London 1922.
  • Anton Baumstark Die Straßburger Nestorios-Handschrift. In: Oriens Christianus 3 (1903).
  • Bryce, James Lord British Government Report on the Armenian Massacres of April–December 1915.

Бэлиэтээһиннэр уларыт