Халбаһы — ас, халбаһы оҥоһуктартар биирдэстэрэ, фарш уһун оболочкалаах буолааччы. Биир эбэтэр хас даҕаны эт көрүҥнэриттэн оҥоһуллар.

Салями халбаһыта

Историята уларыт

 
Венгрияҕа оҥоһуллар халбаһы
  Халбаһы уонна политика биирдэр: астыныаххытын баҕарар буоллаххытына хайдах оҥоһулларын көрүмэн.
 

"Халбаһы" диэн тыл былыргы славян тылыттан кэлбит, бастаан XII үйэтээҕи № 842-дээх Новгород туос грамотатыгар суруллубубут[1]}} ыытыллыбыт ас тиһигэр суруллубут.

Корш Федор Евгеньевич чинчийиитинэн халбаһы диэн тыл турецкай тылтан кul basti («ураты оҥоһуллубут эт»). Сорохтор дьэбириэй тылыттан kol basar («араас быһыылар»). Макс Фасмер фонетическай аналиһа славян тылларытан кэлбит диэн түмүккэ кэлбит, ол гынан баран атын тыллартан, түүр тылтан кэлбит буолун сөп диэн этэр.[2].

Греция, Вавилон, былыргы Кытай суруллууларыгар көстөн ааһар. Арассыыйаҕа халбаһыны оҥорор мастерскойдар XVII үйэҕэ баар буолбуттар.

Халбаһы араастара уларыт

Буһарыллыбыт халбаһылар уларыт

 
Шацк куоракка баар халбаһы сыаҕа

Туустаммыт фаршы 80 кыраадыска уһуннук буһараллар. Буһарыллыбыт халбаһыларга соя элбэх буолуон сөп. Сорох халбаһылар төрүт да вегетерианскай буолаллар, ол аата этэ суох буһарыллыбыт буолаллар.Буһарыллыбыт халбаһы уута элбэх буолан уһуннук харайыллыбаттар,

Буһарыллыбыт халбаһыга 10—15 % белок, 20—30 % сыа баар буолааччы, калорийноһа —100 граммҥа 220—310 калорий баар буолааччы.

Урукку ССРС дойдуларыгар биир киэҥник сиэнэр халбаһы сордунан Докторскай халбаһы буолар.


Буһарыллан ыыһаммыт халбаһылар уларыт

Бастаан буһарыллыбыт фаршы ыыһаллар (буруоҕа угаллар), буһарыллыбыт халбаһылартан сытыы тумата элбэх туттуллар. Эт амтанын уларытарга үүт, бурдук, сыа уонна крахмал туттуллар.

Буһарыллан ыыһаммыт халбаһыга 10—17 % белок, 30—40 % сыа баар буолааччы, калорийноһа 100 граммҥа 350—410 калорий баар буолааччы, халадьыынньыкка 15 күн устата харайыллыан сөп.

Полукопчёнай халбаһылар уларыт

Бастаан ыһаарыналлар, онтон буһарыллар уонна ыыһаныллар. Буһарыллан ыыһаммыт халбаһыны кытта тэҥнээтэххэ амтана биир курдук буолар, ол гынан баран буһарылларыгар ыйааһыны сүтэриитэ аҕыйах буолар, уонна ыыһаныыта кыра буолар.

Сырокопчёнай халбаһылар уларыт

Сырокопченай халбаһы буһарыллыбыат, ол гынан баран тымныы ыыһыы 20—25 градуска уһуннук (30—40 күн устата) тутуллар, сытыы тумата туттуллуута өссө элбэх буолар.

Сырокопчёный халбаһылар 13—28 % белок, 28—57 % сыа баар буолааччы, калорийноһа 100 граммҥа  — 340—570 калорий буолар.


Халбаһы эбиискэлэрэ уларыт

Халбаһы уһуннук харайыллыгар уонна бактериялар тарҕаныыларын тохтотор, өҥө, амтана үчүгэй буоларыгар уонна ыйааһына улаатыытыгар араас эбиискэлэр туттуллаллар.


Быһаарыылар уларыт

  1. Новгородская берестяная грамота № 842. Архыыптаммыт 2013, Ахсынньы 3 күнүгэр.
  2. Е. Н. Шипова (составитель). Словарь тюркизмов в русском языке. — Алма-Ата: Издательство «Наука» Казахской ССР, 1976. — С. 191. — 444 с.

    колбаса, ж. кишка, начинённая рубленым мясом. Др.-рус. колбаса (1280 г.) (Срезневский, 1, 1249). «По Коршу, из тур. кul basti 'мясо, приготовленное особым способом'. То же мнение в общем разделяет и Будагов. С другой стороны, Карлович (см. у Бернекера), Mittwoch и другие возводят это к евр. kol basar ('всякая плоть' то есть обрезки). Против тюркского происхождения слова говорит то немаловажное обстоятельство, что колбаса в нашем понимании тюркам незнакома…» (Дмитриев, 1958, 41). Однако Фасмер, знакомый с этой работой Дмитриева, все же приходит к выводу, что судя по фонетич. вариантам этого слова в слав. языках, «имеются основания думать о заимствовании. Источником мог быть тюрк.: ср. тур. külbasty 'мясо, жаренное на рашпере, жареные котлеты' (Радлов, 2, 1479)… при этом -т- могло исчезнуть в прил. колбасный» (2, 286). Вполне возможно также, что колбаса образовано от тюрк. кол (рука) и басу (давить), по способу её приготовления.

Тас сигэлэр уларыт

Халыып:Викисклад