Хорвааттар (хорв. Hrvati) — Киин Европа, Соҕуруулуу-Илин Европа уонна Средиземноморье ыккардыларыгар олохсуйбут соҕуруу славян омуга. Сүнньүнэн Хорватияҕа уонна Босния уонна Герцеговина диэн дойдуга олороллор. Маны таһынан хорвааттары Австрияҕа, Чехияҕэ, Венгрияҕа, Италияҕа, Черногорияҕа, Румынияҕа, Сербияҕа уонна Словакияҕа олохтоох аҕыйах ахсааннаах омук быһыытынан билинэллэр. Батталтан сылтаан элбэх хорваат Европаны биир гына тарҕаммыта (үгүстэрэ Германияҕа, Австрияҕа, Швейцарияҕа, Францияҕа уонна Италияҕа), элбэх хорваат Соҕуруу Америкаҕа (АХШ, Канаада, Аргентина уонна Чили) олохсуйбут[1].

Хорвааттар үгүстэр католиктар. Хорваат тыла Хорватияҕа, ону тэҥэ Босния уонна Герцеговина дойдутугар судаарыстыбаннай тыл. Европа Сойууһун тылларыттан биирдэстэрэ. Черногорияҕа, Австрияҕа (Бургенланд), Италияҕа (Молизе), Румынияҕа (Caraşova, Lupac) уонна Сербияҕа (Воеводина) олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан билиниллэр.

Омук устуоруйата уларыт

Хараҥа диэн ааттанар үйэлэргэ бу омук баар буола сылдьыбытын туһунан сибидиэнньэ өйдөнөр төрүөтүнэн хаалбатаҕын кэриэтэ. Археология дааннайдар этэллэринэн кытылга сытар Далмацияҕа уонна Истрияҕа дьон куруук олороллор этэ. Оттон дойду ис оройуоннарыгар быста-быста олохсуйаллар эбит. Бу сирдэргэ славяннар аан бастаан олохсуйууларын кэмэ билигин да мөккүөрдээх. Б.э. VII—VIII үйэлэригэр кэлбиттэр, манна баар авар ханствотын үтүрүйбүттэр диэн буолар. Хаһан кэлбиттэрэ чопчу биллибэт эрээри кинилэр мантан чугас сытар Дунай уонна Карпаат сирдэриттэн кэлбиттэрэ чопчу биллэр диэххэ сөп.

«Хорваат» диэн этноним аан бастаан IX үйэҕэ Trpimir кинээс устаабыгар ахтыллар[2]. Бу кэнниттэн Киин уонна Илин Европа IX—X үйэтээҕи лдокумуоннарыгар элбэхтик ахтыллар буолар[3].

Хорваат (Hrvat) диэн аат ираанныы тылтан төрүттээх буоларын туһунан сабаҕалааһын баар. Ол аата бастакы хорвааттар Понтан кэлбит сармаат биистэрэ (Адриатика славяннара) буолуохтарын сөп. Бу сабаҕалааһын сүрүн төрүөтэ Hrvat диэн тыл уонна II-III үйэлэргэ суруллубут Танаис суругар-бичигэр ахтыллар Хороатос (Khoro(u)athos) аат майгыннаһыылара буолар.

Орто үйэлэргэ билиҥҥи Хорватия сирдэрэ аттыгар баар күүстээх импиэрийэлэр сабыдыалларыгар киирбиттэрэ: Византия, аваардар уонна кэлин мадьярдар, франкалар уонна булгаардар. Балартан хас биирдиилэрэ Хотугулуу-Арҕаа Балкаан сирдэрин бэйэтигэр бас билиннэрэ сатаабыта. Ол эрээри IX үйэҕэ икки тутулуга суох славян дойдута үөскээбитэ: Хорваат княжествота уонна Алын Паннония княжествота (Савия).

Быһаарыылар уларыт

  1. Daphne Winland (2004), «Croatian Diaspora», in Melvin Ember, Carol R. Ember, Ian Skoggard, Encyclopedia of Diasporas: Immigrant and Refugee Cultures Around the World. Volume I: Overviews and Topics; Volume II: Diaspora Communities 2 (illustrated ed.), Springer, p. 76, ISBN 978-0-306-48321-9, «It is estimated that 4.5 million Croatians live outside Croatia (…)»
  2. Dzino, Danijel (2010), Becoming Slav, Becoming Croat. Identity transformations in post-Roman and Early Medieval Dalmatia, Brill
  3. Borri, Francesco (2011), «White Croatia and the arrival of the Croats: an interpretation of Constantine Porphyrogenitus on the oldest Dalmatian history», Early Medieval Europe 19, doi:10.1111/j.1468-0254.2011.00318.x