Холливуд (ааҥл. Hollywood) диэн Лос Андьелес хото биир түөлбэтэ. Холливуд Америка бүтүн киинэ индустриятын кылгас хоһуйар аата курдук туттуллар. Манна Columbia Pictures, Walt Disney Studios, Paramount Pictures, Warner Bros., Universal Pictures курдук бастыҥ киинэ студиялара бааллар.

Холливуд бэлиэтэ
Холливуд хаартата

Холливуд муниципалитета 1903 сылга тэриллибитэ. 1910 сылга Лос Андьелес хототун иһилигэр киирбитэ. Олохтоохторун ахсаана 210 511 киһи (2015). Иэнэ 79,5 км².