Debian (Дебиан, сахалыы Дьэбийэн), операционнай система, Аан Дойдуга биир бастыҥ система буолар. Уопсай туттар дьон ахсаана 150–200 мөл буолар. Практически Linux системаларын иччитэ, төрүттээччитэ, кырдьаҕастара, абаҕалара буолар. Debian базовай кодунан уопсайа 100-тэн тахса араас операционнай системалар төрүттэммиттэрэ (холобура, эмиэ киэҥҥик биллэр оҕолоро Ubuntu, Linux Mint, TAILS).

Debian аан дойдуга Windows тэҥэ улахан библиотекалаах, араас программалаах буолар.

Debian ноутбуктарга, персональнай компьютердарга, смартфоннарга, планшеттарга үлэлиир. Ону таһынан араас байыаннайдарга (АХШ, Франция аармыйата), сервердарга, былыттарга, сетевой инфраструктураларга барсар. Ону таһынан NASA эмиэ туттар.