Ас-үөл куттала суох буолуутун күнэ

Ас-үөл куттала суох буолуутун аан дойдутааҕы күнэ (ХНТ тылларынан: ааҥл. World Food Safety Day, араб. اليوم العالمي لسلامة الأغذية, исп. Día Mundial de la Inocuidad de los Alimentos, нууч. Всемирный день безопасности пищевых продуктов, фр. la Journée internationale de la sécurité sanitaire des aliments) — ас-үөл куттала суох буолуута дьон туругар, экэниэмикэ сайдыытыгар олук буоларын болҕойууга анаан ХНТ Генеральнай ассамблеятын быһаарыытынан сылын ахсын бэс ыйын 7 күнүгэр 2018 сылтан бэлиэтэнэр[1].

Бу хамсааһын иһинэн эгэлгэ тэрээһиннэр ыытыллаллар. Холобур, "Ас-үөл куттала суох буолуутун биэс тосхолун"[2] тарҕаталлар:

  1. Чэбэрдик тутун.
  2. Сиикэй аһы буспут астан туспа харай.
  3. Аһы буһар.
  4. Аһы сөрүүн сиргэ харай.
  5. Ыраас ууну, эргэрбэтэх аһы туһан.

Эбии көр уларыт

Быһаарыылар уларыт